ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лычыгыраа

туохтуур

Нууччалыы скрипеть, скрежетать, лязгать (напр., зубами), щелкать (напр., костяшками). [Бухатыыр] Иҥиирин тыаһа Лычыгырыы-лычыгырыы Лыҥкыныы түстэ, Таныыта тартаҥнаата, Тарбаҕа лачыгыраата

I

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. Тааска дьоҕус тааһы сүүрдэн хабырыйар курдук тыаһаа, хатаннык лыһыгыраа

Нууччалыы Скрипеть, скрежетать, лязгать (напр., зубами), щелкать (напр., костяшками). [Бухатыыр] Иҥиирин тыаһа Лычыгырыы-лычыгырыы Лыҥкыныы түстэ, Таныыта тартаҥнаата, Тарбаҕа лачыгыраата

  • Анараа хосторго суот тыаһа лычыгырыыр, атах тыаһа либигириир.
    А. Софронов
  • Хобороос суорҕанын арыйа баттаата, -- тииһэ тииһигэр охсуллан лычыгыраата.
    И. Гоголев
  • Баһыйтарбыт Саадьаҥка [оҕус] -- куотан, эҥээнин тыаһа лычыгырыы турбута
    Г. Колесов
Өссө холобурдар (1)
  • Күл туохтууру кытта -ан сыһыат туохтуур форматыгар ситимнэһэн, "синньигэс чуор куоласкынан ис киирбэхтик күл" диэн суолтаҕа туттуллар. Θ В сочетании с глаголом күл "смеяться" (в форме деепричастия на -ан) употребляется в значении "смеяться тонким звонким голосом". Онтон эмискэ кыыс күлэн лычыгырыыр. В. Быков (тылб.)
II

2 туохтуур #

дьүһ. туохт. Тэбис-тэҥник ыга кэчигирээн көһүн (хол., дэхси тиистээх оҕо, дьахтар тиистэрин этэргэ)

Нууччалыы Бросаться в глаза, выделяться ровным тесным расположением чего-л. в ряд (напр., о ровных зубах подростка, женщины)

  • Кыыс -- күлүм аллайан кып-кыракый сап-сандаархай тиистэрэ лычыгыраата. Софр
    Данилов

«Л» буукуба