ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кычыгыраа

туохтуур

Нууччалыы скрипеть, скрежетать

I

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт

  • Араас элбэх хаачыгырыыр, халыгырыыр, кычыгырыыр, чэ, быһата, киһи сатаан ойуулаабат араас тыастар холбостулар.
    Г. Борисов
  • Саппырыан -- эһэ айаҕар батыйатын батары биэрэр. Эһэ тииһэ тимиргэ кычыгырыыр.
    ББ
  • Көлүөһэ төкүнүйэн кэлэн хайбаҥнаан баран, асфальга кычыгырыы тыаһаабытынан охтон түстэ.
    К. Симонов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тув. кыжыра 'скрипеть; хрустеть'

2 туохтуур #

Кытаанах эттик (хол., тимир, таас) атын кытаанах эттиги кытта аалыстаҕына, хабырыйыстаҕына тахсар тыаһы таһаар

Нууччалыы Скрипеть, скрежетать

II

3 туохтуур #

дьүһ. туохт. Ыгыта симсэн кэчигирээн, кэккэлээн тур

Нууччалыы Стоять тесными рядами

  • Элбэх боробуостар, богуоннар кычыгыраан тураллара көстөр.
    Эрилик Эристиин
  • Оҕонньор -- саһарбыт дэхси тиистэрэ кычыгыраан көһүннүлэр.
    В. Яковлев
  • Валентина сарай анныгар кэккэлэһэн кычыгыраан турар тыраахтардары хараҕын араарбакка көрбүтэ. Г. Николаева (тылб.)

«К» буукуба