ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хабырын

туохтуур

Нууччалыы скрипеть, скрежетать зубами

1 туохтуур #

Тиискин тиискэр күүскэ аалан улаханнык кыычыгырата-хаачыгырата тыаһат (утуйа сытан)

Нууччалыы Скрипеть, скрежетать зубами (во сне)

  • Сыллай баллаҕар уоһун ханньаччы тутунна, хаачыр гына хабырынна.
    Амма Аччыгыйа
  • Бараак иһигэр ким эрэ түһээн үлүгүнэйэр, ким эрэ хабырынан кыычырҕатар.
    Н. Якутскай
  • Мөрөһө утуйбутун курдук тэбэн көрбөккө, өссө улаханнык иҥсэлээхтик хабырына-хабырына, хаһыҥыраан кэбиһэ-кэбиһэ утуйа сытта
    ИСА
Өссө холобурдар (2)
  • Олус абатыйан сымыһаххын быһа ытыран, тиискин тыаһат. Θ Скрипеть, скрежетать зубами от злости. Ону истэ-истэ Аргыылап абатыйан, иһиллэр-иһиллибэттик хабырынан ылла. Софр. Данилов. Кинээс сымыһаҕын быһа ытыран, мэктиэтигэр хабырынан ылла.
    В. Протодьяконов
  • Маппый эмискэ дьигиһис гынан, өһүөннээхтик көрбөхтөөн, тииһин хабырынан хачыгыратта
    П. Аввакумов

2 туохтуур #

Аалсан "кыычыр-хаачыр" диэн эрэр курдук ыраахха диэри эҥсиллэн тыаһаа, оннук дуораһый (хол., мууһу, тааһы этэргэ)

Нууччалыы Скрипеть, трещать, громыхать (напр., о льдинах, камнях)

  • Көмүөл мууһа ыардык хабырына тыаһыыр.
    Күндэ
  • Хаахыныыр мас истиэхтэн сүөргүтүк хабырынан, түүлүгэр баттаппыт киһи курдук иҥиэттэн, бабыгыраан киирэн барда.
    Н. Лугинов
  • Араас ыстаныактар тыаһаан-ууһаан киллигирии, хабырына, кычыгырата аҕай тураахтыыллар
    С. Руфов

3 туохтуур #

Олус сытыырхай, күүһүр (тымныыны этэргэ)

Нууччалыы Усиливаться, трещать (о морозе)

  • Кыһын обургу кыскыйар тыалынан уһуутаан, хатан дьыбарынан хабырынан кэллэр кэлэн истэ.
    М. Доҕордуурап
  • Сааһыары түүҥҥү түлүк Саталаах тымтар дьыбар Хатан, кыыһан хабырыммыт.
    А. Абаҕыыныскай
  • Кыһын обургу үрүҥ хаарынан үллүктэнэн, хабараан тымныынан хабырынан кэбистэ. Күрүлгэн. Ср. бур. хабирха ‘скрежетать’

«Х» буукуба