ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хабырыс

Нууччалыы вступать в бой с кем-л.; бороться, сражаться

1 #

Кими эмэ кытта турунан туран охсус, кырыктаахтык киирис

Нууччалыы Вступать в бой с кем-л.; бороться, сражаться

  • хабырый диэнтэн холб. туһ. Муустар ыпсыһа түстүлэр, бэйэ-бэйэлэриттэн тирэнсэн хабырыстылар.
    П. Филиппов
  • Ити кэнниттэн киһи барыта таһырдьа тахсаары хаайтаран хабырыстылар.
    ХС
  • Былыттар үөһэ тахсан бэйэ-бэйэлэрин кытта хабырыһаллар. Л. Толстой (тылб.)
Өссө холобурдар (1)
  • Сэбиэскэй сойуус ньиэмэс сэриитэ тоҕо анньан киириитин утары хабырыһарга тиийбитэ. ЯЕМ СБСБС. Күүс күүһү кытта харсыахтаах, хабырыһыахтаах эрэ буолбатах, өйдөһөрө диэн эмиэ баар. "Чолбон". Төһө да хонукка Түбүлэспиттэрэ биллибэтэ, Хачча да хонукка Хабырыспыттара биллибэтэ
    ХС

2 #

Кимниин эмэ этиһэн, күргүйдэһэн-көбүөлэһэн ыл

Нууччалыы Громко ругаться, сталкиваться в споре с кем-л

  • Бэйи эрэ, ол Халытар Хабырыыстыын туохтан хабырыстылар?
    И. Никифоров
  • Хатыылаах тыллаахтары кытта ааҕыста, Хадаар хайыылаахтары кытта хабырыста.
    С. Васильев
  • Тугу барытын сатыыр суруналыыһы кытта хаһан эмэ хабырыһыам дии санаабатаҕа.
    Ж. Верн
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС хаврыс ‘ссориться’

«Х» буукуба