ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

маанымсый

туохтуур

Нууччалыы нарядиться, приодеться

1 туохтуур #

Мааныга кэтэр таҥаскын таҥын, киэргэн

Нууччалыы Нарядиться, приодеться

  • Гимназия дириэктэрэ маанымсыйбыт, параднай көстүүмүн кэппит, саала ортотугар -- туран киирии тылы этэр
    ХС

2 туохтуур #

сөбүлээб. Туохха эмэ барсыбаттык, сөбө суохтук ыга киэргэн

Нууччалыы Вырядиться, нарядиться не к месту. [Дуня:] Биһиги ыраастык, култуурунайдык туттунарбытын аҕабыт эмиэ мөҕөр

  • Киэргэнэҕит, маанымсыйаҕыт диир. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Куосча Ханидуо:] Саҥа саҥыйахтаах тиийдэхпинэ: аата булка маанымсыйбытын, акаары эбит диэхтэрэ. С. Курилов (тылб.)

3 туохтуур #

Улаатымсыйа тутун, үтүөмсүй (үксүгэр аһаабатаҕа буола сатыыр киһини этэргэ)

Нууччалыы Жеманиться, манерничать (напр., отказываясь от угощения)

  • Кыыһа аах бу атын нэһилиэктэн кэлбит мааны күтүөт киһиэхэ араас үчүгэй аһы астаан тардаллар. Ону күтүөттэрэ эмиэ маанымсыйан аһаабат. Саха ост. II. Маанымсыйан, сылгы этиттэн сиргэнэр ааттаах хотуттар уонна барышнялар олус астына сылгы этин сиэтилэр, амтанын хайҕаатылар
    И. Гоголев

«М» буукуба