Перевод с якутского
эриллэҥнээ
Нууччалыы извиваться, виться, змеиться, петлять
1 #
Араастаан эрилин-бурулун, эрийэ-буруйа хамсаа
Нууччалыы Извиваться, виться, змеиться, петлять
Окуопабыт бу субуллан барда дии, оол эриллэҥнии турда. Амма Аччыгыйа Үрэх сүүрүгэ буору-сыыһы ытыйан, эриллэҥнии устубута. В. Иванов Эриэн үөн мас көөбүлүгэр саһаары эриллэҥнээн эрэр эбит. "Чолбон". Уот, кыһыл моҕой үөн курдук эриллэҥнээн, чачыгырыы умайар. Уйулҕан К
2 #
Араастаан имиллэҥнээн хамсан, өттүккүнэн оонньоо (киһини этэргэ)
Нууччалыы Кривляться, извиваться телом, вилять (о человеке)
Киһилэрэ бары сүһүөхтэринэн эриллэҥнээн, физзалы тула хааман мускуллан киирэн барда. Э. Соколов Любалаах ойон туран, муусукаҕа уйдаран, үҥкүүлээн эриллэҥнээтилэр. А. Никифорова Кыыс күлэ-үөрэ күлүмнээн, өттүгүнэн оонньоон устудьуон уол тула эриллэҥниир У. Ойуур
3 #
Кимиэхэ эмэ иҥээҥнээн, чугаһыы сатаан араастаан кубулҕатыр, мунньаҥнаа (үксүгэр дьахтары этэллэр)
Нууччалыы Манерничать, жманиться, ломаться, добиваясь чьего-л. расположения (обычно о женщине)
Ити дьахтар эриллэҥнии сытыйан баран, ол да иһин мааҕыҥҥыттан сыстаҥнаабыт эбит дии! В. Титов [Омоҕой:] Эр булунан эриллэҥнээбиккин иҥиир иэнниирим буолуо. "Чолбон". Мин эйиэхэ эриллэҥнээбитим дуо, бэйэҥ сырса сылдьыбытыҥ дии Күрүлгэн