Перевод с якутского
манааҕы
аат тыл
Нууччалыы заплечная сумка, котомка
аат тыл
Үрүсээккэ майгынныыр, санныга кэтиллэр ботуоҥка
Нууччалыы Заплечная сумка, котомка
Маппый арыт хойуу харыйа ойуурунан, арыт сиһиктэр быыстарынан хааман, тииҥ ытан ылан манааҕытыгар укта-укта, урут дэҥҥэ сылдьар үрэҕин тардыытыгар тиксэн хаалбытыттан соһуйан, тула олоотообута. П. Аввакумов Көхсүгэр манааҕытын харбаччы сүкпүт. А. Федоров "Охонооһой оҕонньор, бэйи... бу... маны ыл," - диэн баран, Сима манааҕытын сүөрэн биир куобаҕы оҕонньорго уунна. ГНА ТС
Өссө холобурдар (4)
Өлөрбүт бытархай булду (куобаҕы, куртуйаҕы о. д. а.) баайан көхсүгэ сүгэргэ аналлаах хаптаһын. Θ Охотничья доска с заплечными ременными лямками, к которой прикрепляют мелкую дичь; поняга. Борокуоппайым мас манааҕыга кыра куул уонна сип-синньигэс тимирдээх субуйааҥкы саа сүгэһэрдээх. М. Тимофеев Ытан ылбыт тииҥнэрин түүтүн сараҕытаары манааҕыларыгар тэйгэччи баайдылар. Н. Борисов Роман балайда таһаҕастаах манааҕыга быа баайталыыр. И. Никифоров Русск. поняга