ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

манньыат

аат тыл

Нууччалыы монета

English coin

1 аат тыл #

Нууччалыы монета

English coin

  • кыһыл көмүс манньыат
    золотая монетаa gold coin
  • үрүҥ көмүс манньыат
    серебряная монетаa silver coin

2 аат тыл #

, эргэр. Былыр туттуллар алтан эбэтэр үрүҥ көмүс харчы

Нууччалыы Монета. Алексей Елисеевич -- биирдии солкуобайдаах үрүҥ көмүс манньыат харчылары сиэбиттэн хостоон -- дьиэлээх киһиэхэ уунар. АЕЕ ӨӨ. Гражданскай сэрии сылларыгар Орто Азияҕа сүүрбэттэн биэс мөһөөххө диэри солкуобайдаах манньыаттар туттуллубуттара. ФВН КК. Дьиэлээх киһи сабыс-саҥа, лыҥкынаспытынан сылдьар үрүҥ көмүс манньыаттары илиитигэр ылан көрө-көрө, сөҕүү бөҕөтүн сөхтө. Н. Заболоцкай

3 этии #

Нууччалыы букв. принимать за чистую монету

Этиилэр

Ыраас (чыыстай) манньыакка ыл

- тугу-эмэни баарынан, кэпсэммитинэн ылын, итэҕэй Кэнэн муҥнаах Лэгиэнтэй атыыһыт Сүөдэркэ тугу үлүннэрэн-балыннаран кэпсиирин барытын чыыстай манньыакка ылар.

  • [Ийэтэ - уолугар:] Кинилэр кубулҕаттарын ыраас манньыакка ыла сылдьаҕын дуо?!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Оҕо иирсэрэ-баайсара кэмнээх буолуо дуо? Кини үөрүүтүн, хомойуутун барытын ыраас манньыакка ылан истэҕинэ ыалы кытары сатаан да олорботугар тиийэр. "ХС"

«М» буукуба