ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

маныыһыт

аат тыл

Нууччалыы пастух.

English shepherd, herdsman

1 аат тыл #

Дьиэ сүөһүтүн кэтээн аһатааччы, мэччитээччи; бостуук

Нууччалыы Пастух. Ити мэниктии сылдьар, көрү көҕүлүттэн туппут оҕо буолбатах. Кини үлэһит, баай холкуос табатын бастыҥ маныыһыта Володя Слепцов. А. Сыромятникова. Холкуос субан сүөһүтүн маныыһыта Охоноон оҕонньор -- биир уол оҕо олоҕун олорон ааспата этэ дуо? Л. Попов

2 этии #

Маныыһыт суумката бот. - өтөхсүйбүт сирдэргэ, бааһыналарга үүнэр бытархай маҥан сибэккилэрдээх, биир сыллаах от үүнээйи Сайын устатыгар маныыһыт суумката үс-түөрт көлүөнэ үүнээйилэри биэрэр. Кини аһа -- урут маныыһыттар кэтэ сылдьар суумкаларыгар маарынныыр үс муннуктаах стручокчааннар [ол иһин үүнээйи итинник ааттаммыт]. КВА Б. Биир сыллаах сыыс оттортон маныыһыт суумката диэн үүнээйи ордук элбэх. ХКА

Нууччалыы Пастушья сумка (травяное растение)

«М» буукуба