ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ынахсыт

аат тыл

Нууччалыы пастух, скотник

I

1 аат тыл #

Ынах сүөһүнү аһатааччы, мэччитээччи, бостуук; хотон үлэһитэ

Нууччалыы Пастух, скотник

  • Холкуос ынахсыта Маайыс – эдэр, сайдам дьахтар, былаатын оҥосто-оҥосто, мичээрдээбитинэн эмээхсиҥҥэ кэлэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Быраатым хотоҥҥо тэпсиллэн Ынахсыт буолбута, кырыктаах хотунтан чокуллан, Ыарыыга ыллаарта
    А. Абаҕыыныскай
II

2 аат тыл #

, миф. Былыргы саха итэҕэлинэн: ынах сүөһүнү төрүттүүр, араҥаччылыыр, арчылыыр айыы

Нууччалыы По представлениям якутов: дух, помогающий плодовитости рогатого скота, дарующий телят

  • Хайа да сүөһү Ынахсыт Айыыта арчылаатаҕына, үтүө хараҕынан көрдөҕүнэ эрэ этэҥҥэ турар.
    С. Маисов
  • Саха абыычайынан ынахсыт дойдута бу дойдутааҕар итии салгыннаах. БСИ ЛНКИСО-1938. Ынахсыт хатын иһит! Ньирэйгин ньиркирэт, торбоскун толорут, тыһаҕаскын чиилит, маннык үрүҥ ибир ыһыаҕынан ыһа тур!
    ХИА КОВО

3 этии #

Ынахсыты тартар итэҕ. – сүөһү төрүөҕүн элбэтээри иччилэртэн, Иһэгэй Иэйиэхсит хотунтан көрдөһөн ойууну (удаҕаны) кыырдарыы "Урут алҕаан, ынахсыт тартаран ахан биэрэллэрэ, – диэбитэ Ньукулай, – баҕар ол иһин сүөһүлэрин төрүөҕэ тахсара эбитэ буолуо". Далан. Дыгыйаараба Парасковья удаҕан Сабардамҥа ынахсыт тарпытын көрөн-истэн кэлэн баран, Слава ол түүн утуйбакка наар сурунан тахсыбыта. Болот Боотур. Ынахсыт тардар идэ сахаҕа бэрт өртөн ыла буолбут. БСИ ЛНКИСО-1938

Нууччалыы Совершаемый в старину белыми шаманами обряд, обращённый к богине Иһэгэй Иэйиэхсит хотун, чтобы она даровала плодовитости рогатому скоту, наделила большим количеством телят

«Ы» буукуба