Перевод с якутского
ынах
аат тыл
Нууччалыы крупное домашнее молочное животное отряда парнокопытных, самка быка, корова
English cow
1 аат тыл #
От аһылыктаах, хороҕор муостаах, үүтүн, этин иһин иитиллэр дьиэ сүөһүтэ
Нууччалыы Крупное домашнее молочное животное отряда парнокопытных, самка быка, корова
Биир сарсыарда туран, биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин алаас сыһыыга ынаҕын сылгылыы барбыт үһү. Саха фольк Ынахтар маҕыраһыылара, дьон саҥата ньамалаһыыта имик-самык соҕустук тыа баһынан охсуллан иһиллэр. Эрилик Эристиин Биһиги биир ынахпытыгар салаа ото суох хааллыбыт М. Доҕордуурап
2 этии #
Бургунас муоһа (муостара) булгу (булгурута) тоҥор (барар) тымныыта көр бургунас. Тохсунньу кыыдаан дьыбара чыҥкыныы турара, силлээбит сил сиргэ тиийбэккэ муус буолан тобугуруу тохторо. Бу буоллаҕа дии бии бургунас муоһа булгурута тоҥор тымныыта. П. Ойуунускай. Бургунас ынах муоһа булгу тоҥор тымныытыттан Букатын кыһаммакка Тэҥкэ харыйатын төбөтүгэр Лэкээрийэр буоларым! П. Тобуруокап.
Нууччалыы Скот его сильно расплодился (букв. лошади его через лошадей пошли, коровы его через коров пошли)
Этиилэр
Бургунас (ынах) муоһун курдук (муоһунуу) көр бургунас
Бургунас ынах Муоһун курдук, Дьүөрэлэһэн үөскээбит Үөлээннээхэй дьүөгэлэриэм. НЫ. Бургунас ынах муоһун курдук Бур-бур буруо бурулуйан Өһөгөйдөөх өҕүргэни Өрө тэлэйэн [тахсар].
П. ОйуунускайСылгыта сылгы үрдүнэн барбыт, ынаҕа ынах үрдүнэн барбыт фольк. – сүөһүтэ олус элбээбит Сытар ынаҕы туруорбат киһи көр сыт I. Аҕам эрэйдээх чугастааҕы дьонунуу-сэргэтинии, сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас киһи этэ. Далан
Өссө холобурдар (2)
Онно Дьаллааһын үрүйэтигэр олохтоох Хахаарар Иван диэн сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас, сүүрбэччэ сүөһүлээх, булчут киһи баара. М. Доҕордуурап Өксүөн туох да дьиэгэ суох ыраас, сытар ынаҕы туруорбат көнө киһи дуо? У. Нуолур
Сытар ынах ханнын саҕа
сүүнэ улахан, көһөҥө, сымара.
Большой, огромный как глыба (букв. с брюхо лежащей коровы).
Аҕыс тараах хайа таастарыттан Сытар ынах ханнын саҕа Хара таастар Лачыгырыы таҥнары саккыраатылар. Ньургун Боотур. Биир ынах ханнын саҕа хара сымара таас үрдүгэр олорон табахтаатылар. Болот Боотур Ынах ханнын саҕа хара таастан тирэнээт, устан даллайан иһэр алаас аҥаарын саҕа муус үрдүгэр ыстанан кэбистэ. П. Филиппов
Тарбаабыт ынах курдук (кэриэтэ) көр тарбаа
Манна да ол элбэх, биһиги син биир тарбаабыт ынах курдукпут, муннубутун тоҕу саайдахтарына, саһан туран соттуохпут. А. Сыромятникова
Ынах маҥыраабат, ыт үрбэт буол
ыт үрбэт, ынах маҥыраабат буол диэн курдук – көр ыт II.
Биһиги ынах маҥыраабат, ыт үрбэт дьоно буола кырыйдыбыт.
Ынах муоһун курдук
иккиэ буолан биирдик, тэбис-тэҥҥэ, хайалара да чорбойбокко.
Одинаково, в равных условиях (букв. как два рога коровы).
Сордоохтор, ынах муоһун курдук, сэргэстэһэн үөскээбиппит, биир суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппыппыт.
Суорун Омоллоон[Сэмэн оҕонньор:] Мин ынах муоһун курдук, иккиэйэх үөскээбит, бэйэбиттэн сэттэ сыл балыс бырааттааҕым. ХС
Ынаҕы ыҥыырдаабыкка дылы (ыҥыырдаабыт кэриэтэ)
олуона, сөп түбэспэт, дьүөрэтэ суох.
(соотв. как корове седло (сидит).
Учуонай буолуох киһи төһө бэрт учуутал буолуой? Арааһа, ынаҕы ыҥыырдаабыт эбэтэр сүүрүк акка бурҕалдьы кэтэппит кэриэтэ буолуо.
Н. ЛугиновБэйэтигэр уурбут-туппут курдук сөп түбэһэр былаачыйаны, үрдүк хобулуктаах түүппүлэни кэппитэ аһара кэрэтитэр. Киниэхэ тэҥнии туттахха, икки дьүөгэлэрэ олох атын, ынаҕы ыҥыырдаабыт курдук быһыылаахтар, тутуулаахтар. Н. Босиков
3 этии #
Нууччалыы Аборигенный якутский рогатый скот: порода, отличающаяся высокой приспособленностью к экстремальным условиям Крайнего Севера, а также высокой жирномолочностью, хорошими вкусовыми качествами мяса и молока, устойчивостью к болезням
Этиилэр
Киэһээҥҥи (киэһээ) ыам (ынах) көр киэһээҥҥи
Киэһээ ынах буолла.
Суорун Омоллоон
Көтөх ынах көр көтөх II
Көтөх ынах буоларга сөбүлэспит оҕолор муостаҕа эбэтэр сиргэ ойоҕосторунан сытан биэрэллэр. ОВЕ СОо. Ыччат өттө анньа-бөрдө, кулааһай кустаах кыырт, көтөх ынах, Ылдьаа-Дьаакып буола оонньоотулар. ИН ХБ
Күнүскү ыам (ынах) көр күнүскү
Күнүскү ынах күргүөмэ буолтугар Суоһалдьыйа Толбонноох Доҕор оҕолоро Мойуос обургу сүүһүнэн ынаҕын мөрүөрэн аҕалан Ыары сылдьар кэмнэригэр. С. Зверев Оҕонньорбут киэһэ эрдэ соҕус саҕалаан баран, нөҥүө күнүгэр күнүскү ынах саҕана уурайда.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Ол олордоҕуна, хойукку күнүскү ынах саҕана, горн ыҥырыыта "ту-ту-ту" – диэн кээлтэ.
Суорун Омоллоон
Саха ынаҕа
тыйыс тымныыны тулуйарынан, кыра аһылыктааҕынан, хойуу үүтүнэн, этин тахсыыта элбэҕинэн уонна минньигэһинэн уратылаах сахалар былыр-былыргыттан иитэн кэлбит дьиэ сүөһүлэрин боруодата Саха ынаҕын түүтэ хойуу, сылааһы тутарыгар аналлаах хойуу ньуолах түүлээх.
Ол иһин тымныыны үчүгэйдик тулуйар. Саха ынаҕа.
Түөртүүр ынах
киэһээҥҥи түөртүүр диэн курдук (көр түөртүүр).
Күн түөртүүр ынах буолан эрэр эбит, алааска онно-манна сүөһүлэр мэччийэ сылдьаллар. Н. Неустроев Күн түөртүүр ынах буолуута, муус көтөҕүллэн, бысталанан, устубутунан барар. Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
Түөртүүр ынах иннинэ аҕай Дьэбдьэкиэйэ балаҕанын ааныгар тахсан, хотуур сүгүүлээх икки киһи иһэрин чарапчыланан көрдө. А. Сыромятникова
Ыанар ынах көр ыан
[Кымаах Байбал] билигин хаһаайыстыбатыгар сүүрбэттэн тахса сүөһүлээх, уон ыанар ынахтаах, икки көлүнэр оҕустаах, биэс биэлээх уонна биир аттаах. А. Бэрияк Ыанар ынахтар уолан хаалбыттара. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
[Даадалай Дабыыдабыс] сураҕа, бэркэ байан, үс-түөрт ыанар ынахтанан, оҕолоро улаата охсон, ньир-бааччы олорор курдук кэпсииллэр. Кустук.
Ыанньык ынах көр ыанньык
Сайылыкка ыанньык ынах үөрэ титииктэн тахсан мэччирэҥ диэки үүрүллэн эрэрэ. И. Никифоров Быйыл ыанньык ынах тохсунньу, олунньу ыйдарга маассабайдык төрүүрэ күүтүллэр. "Кыым". Үрүҥ сап курдук, өрүү сыыйан Өлгөм үүт-сөлөгөй чарылыыр, Тобуктаан олорон саха кыыһа Ыанньык ынаҕын ыксаан ыыр. П. Черных-Якутскай
Ынах арыыта көр арыы II
Аҕам ынах арыыта Амтанныйан астыйдын, Туҥуй ынах суората Тумаланан тубустун. Күннүк Уурастыырап
Ынах барааҕа көр бараах
Ынах бараахтара нэс да көтөрдөр, олох куоппаттар ээ. Ынах бүөрэ түөлбэ. – сир оллура-боллура, оҥхойдоох сир.
Неровная, бугристая, ухабистая местность.
Ыарҕа былаастаах, куһаҕан оллороот-боллороот суоллаах ынах бүөрдээх сиринэн сэлии былаастаах хаамыынан анньан испитим. Н. Заболоцкай Куобах оллороот-боллороот, ынах бүөрэ сирдэринэн эрийэ-буруйа сүүрэр, охтон сытар маһы, сылбаҕы үрдүнэн ойуоккалыыр. ХС
Ынах быата көр быа
Ынах быатын үктүү-үктүү, кэлбит сиринэн төттөрү кыдьыгылдьыйда. М. Доҕордуурап
Ынах кута көр кут II
Умуһахха сииктээх буолан ынах кута бөҕө ыспыт.
Ынах омурда көр омурт II
Лоҥкууда үрэх халдьаайы хайаларын сирэйдэрэ харааран, ынах омурда тахсан, самаан сайын иһэрин санатар. М. Доҕордуурап
Ынах сүөһү көр сүөһү
Онон бу дьон сүөһүлэриттэн уон толуу сылгы, уон толуу ынах сүөһүнү үүрэн дойдулаабыттар. Эрилик Эристиин Күөл кытыытыгар ынах сүөһү үөрэ мэччийэн, хара тордох курдук, ааллаһа сылдьар. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Ынах сүөһү сахаҕа бастыҥ баайа, иитимньитэ буолара урут. А-ИМН ОЫЭБЫ.
Ынах тыла көр тыл I
Суола үрэҕиттэн үс мундуну тутан аҕалбыттар. Кэнники чохулары, ынах тылларын иитэн көрбүттэр. ББ Андрей кымырдаҕастар уонна ынах тыла, бэйэлэрин ыйааһыннарыгар тэҥнээтэххэ, ытыран баран элбэҕи көтөҕөллөрүн туһунан суруйтарбыта. ХС
Өссө холобурдар (1)
Дубровскай буоллаҕына суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан хаалла: уезд лиэкэрэ ынах тылынан хаанныы оҕуста.
А. Пушкин
Ынах хаана көр хаан I
Ынах хаанын сылгы хаанын курдук астыыллар. Сылгы субайынааҕар хараҥа дьүһүннээх буолар. КЕФ СТАҮө. Ынах чыычааҕа зоол. – уонча көрүҥҥэ арахсар барабыайдыҥылар этэрээттэригэр киирэр, уһун кутуруга куруук үөһэ-аллара хамсыы сылдьар, үөнүнэн-көйүүрүнэн аһылыктанан сүөһү далыттан арахпат кыра чыычаах: сорох көрүҥнэрэ өрүөстээх төбөлөөх, сорохторо саһархай түөстээх уо. д. а. буолааччылар.
Птицы из отряда воробьиных разных видов с длинными, постоянно покачивающимися сверху вниз хвостами: с жёлтыми грудками – жёлтые трясогузки, с белым оперением на голове – белошапочные овсянки.
Ол араҕас түөстээх ынах чыычааҕа этэ. Н. Заболоцкай Үрдүлэринээҕи лабааҕа өрүөстээх төбөлөөх ынах чыычааҕа кэлэн түстэ. В. Титов
Өссө холобурдар (2)
Талах быыһыгар хардьаҥ чыычаах саҥарар, үөт лабаатыгар ынах чыычааҕа араҕас түөһүн күҥҥэ тоһуйан олорор. И. Сосин Ынах эмиийэ бот. – хатыҥ, тиит, бэс булкаастаах тыаҕа үүнэр, сырдык кыһыл өҥнөөх хааппыла курдук быһыылаах өлүүскэлэртэн турар отонноох, 10-15 см уһуннаах умнастаах норуот медицинатыгар киэҥник туттуллар эмтээх үүнээйи. Встречающееся в смешанных лесах многолетнее травянистое растение, высотой в 10-15 см, с плодами из ярко-красных костянок, соединённых основаниями в ягоды; широко применяется в народной медицине при различных заболеваниях, костяника. Ынах эмиийин сэбирдэҕин, отонун оргутан битэмииннээх муорус, сироп оҥостон иһэр туһалаах. ДТС, тюрк. инэк