Перевод с якутского
ыанньык
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы дойный, дающий молоко
1 даҕааһын #
Ыанар, үүт биэрэр (сүөһү)
Нууччалыы Дойный, дающий молоко (о скоте)
Былырыын Дьэкиим кинээс сымыйа кур иэһигэр баар эрэ биир ыанньык ынахпын туттаран ылбыта. Н. Заболоцкай Оҕонньор сайын ахсын ыанньык сүөһүнү көрөр. С. Никифоров Бөһүөлэктэн арыый тэйиччи турар ыанньык сүөһү пиэрмэтин түптэтин буруота унаарыйар ББ
2 аат тыл #
суолт., хом. суолт. Ыанар ынах
Нууччалыы Молочный скот
Улахан уоллара холкуоска ыанньык бостууга. А. Фёдоров Ньукулай ыарытыган. Сайын, ыҥыырга тулуйбатар да, арыт ыанньыкка, арыт субаҥҥа бостууктуур. С. Федотов Манна ыанньык эстэн, субан сүөһү эрэ хаалбыта В. Титов