ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

субан

даҕааһын

Нууччалыы не дойный (о скоте), молодой

1 даҕааһын #

Ыаммат (сүөһүнү этэргэ), төрөөбөтөх, эдэр

Нууччалыы Не дойный (о скоте), молодой (о домашней живности, о диких птицах)

  • Биһиги биирдэ субан сүөһүнү көрөн, бөһүөлэктэн үс биэрэстэлээх туора сайылыкка сайылаабыппыт.
    П. Аввакумов
  • Аҕам сиэр атын миинэн, сааланан, Курула диэн ааттаах көтөрдөөх күөлгэ субан кус ыта бардым.
    Т. Сметанин
  • Ийэ сылгыны кытта субан сылгыны бииргэ тутар куһаҕан, ол иһин кинилэри туспа тутабыт
    Кыым
Өссө холобурдар (3)
  • Баарата, оҕото суох, соҕотох (туруйаны этэргэ). Θ Одинокий, без пары (о журавле). Уон сыл устата доҕорун сүтэрбит субан туруйа курдук, соҕотоҕун сылдьыбыта.
    И. Гоголев
  • Сүдү сүтүк сүрэххэ хаалларбыт бааһа Субан туруйа арай суланан ааһар.
    М. Ефимов
  • О, субан туруйалыы, өрүү соҕотох сылдьыам буолуо дуо?
    В. Миронов

2 этии #

Нууччалыы Вести вольный образ жизни, уйти на вольные хлеба

Этиилэр

Субан бар

көҥүл-босхо бар Субан барбыт уолаттардаах, кый барбыт кыргыттардаах.

  • ПЭК ОНЛЯ VII. Кини биир кэм солото суох аатырар, биир кэм онно тиийбитэ, манна кэлбитэ баар буолар. Даайыс этэринии, букатын субан барда.
    Н. Заболоцкай
  • Ыаллар дьиэлэрин халҕанын суон дүлүҥнэринэн баттатан, -- тыа устун субан баартара.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. кирг. жубан ‘молодая женщина, молодка, красотка’, туркм. жуваан ‘молодой, юный’ ДТС дьүван ‘юноша, молодец’

«С» буукуба