Перевод с якутского
миинэ
аат тыл
Нууччалыы мина.
1 аат тыл #
, байыан. Уу эбэтэр сир анныттан дэлби тэбэр аналлаах сэрии сэбэ сэнэрээт
Нууччалыы Мина. Умса сылдьааччы Уолумардык эстээччи Уу миинэлэрэ Улуу ааллары умсардылар -- Сэрэппэккэ эстэр, Сир анныгар Сирэлийэ сытар Сир миинэлэрэ Сэрии бөҕөнү Сиҥнэртээтилэр. Өксөкүлээх Өлөксөй. Талахтар төрдүлэригэр кистэммит миинэлэр эстэн күрэҥниҥи хара буору бурҕаттылар. Т. Сметанин
2 #
Тугу эмэ (хол., өрүһү, суолу) икки өттүнэн түһэ (сыт, олор)
Нууччалыы Поперек чего-л. (реки, дороги)
Оҕонньор -- аҕылаабытын аһараары суолу миинэ сиргэ лаҕыччы олорунан кэбистэ. В. Яковлев Баайаҕа үрэҕи туора миинэ олорор Томтор бөһүөлэгэ Алексеевскай оройуоннааҕы Баайаҕа нэһилиэгин киинэ. ПДН ТБКЭ. Алдан өрүһү миинэ сытар дэриэбинэлэр -- Муус ыраастаннаҕына Дьокуускайы кытта уунан бөҕө сибээһи олохтуохтарын сөп Кыым