ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

миккий

туохтуур

Нууччалыы окатывать, обдавать что-л. (о волне), обдувать что-л. (о ветре и т. д.) долго

1 туохтуур #

Уһун кэмҥэ биир тэҥник тугу эмэ аал, илбий (уу долгунун, тыал туһунан этэргэ)

Нууччалыы Окатывать, обдавать что-л. (о волне), обдувать что-л. (о ветре и т. д.) долго

  • Өлүөнэ эбэм күүгэннээх көлөһүн алла-алла күүстээхтик күллүгүрүү-халлыгырыы, кур таас хайатыгар тахсан, түөһүнэн миккийэр.
    Суорун Омоллоон
  • Уордаах муора миккийэр Ардах, силлиэ сиригэр Куба курдук балааккалар Туртаҥнаһа тураллар.
    С. Данилов
  • Хаһыытыы сатыыбын -- [сирэйбин] Сирилэс силлиэ тыал миккийэр
    Кыым

2 туохтуур #

Тохтобула суох уһуннук сылаалаах үлэнэн, туох эмэ кыһалҕанан сылат-элэт, сүпсүгүрт

Нууччалыы Утомлять, изнурять, изматывать кого-л. (о тяжелой работе, жизни)

  • Булт, сүөһү иитиитэ миккийбит дьон уолун, Дьокуускай, эн иитэн, кынатын үүннэртиҥ. Эллэй. Тас дьүһүнүттэн сылыктаатахха, олох обургу улаханнык миккийбит киһитэ. Софр. Данилов. Күүстээх үлэ миккийэн, төһө даҕаны сылайдарбыт, сырдыгы туһанан, тыабытыгар эмиэ таҕыстыбыт
    ХС

«М» буукуба