Перевод с якутского
модьу
даҕааһын
Нууччалыы крепкий, прочный или обладающий этими качествами
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
даҕ
Модьу төһүү мас. Модьу быа. Модьу боробуойдаах аан. Модьу илиилээх-атахтаах. Күөрэгэй [киһи аата] тутуспут мутуга модьу буолан, бөрө иккиһин нэмийэн хадьырыйыан иннинэ атаҕын ньылбы тардан ылла. Т. Сметанин Ыт модьу сыабын быһа көтөн миэхэ кэлиэ суоҕуттан эримсийэн, дьиэ айаҕын диэки баран иһэн аан баттыктааҕын көрөн, тохтоон хааллым. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (4)
Лоокуут -- модьу харылаах, толору быччыҥнаах, эрдиҥи көрүҥнээх төрөлкөй уолан киһи буолбута Дьүөгэ Ааныстыырап Сүгүүгэ-көтөҕүүгэ ордук кыайыылаах, ордук ыараханы уйар, кыайар. Θ Крепкий, сильный, легко справляющийся с тяжестью, тяжелой ношей. Доҕорум сүгэһэргэ модьу эбит. Биир олус бөдөҥ уҥуохтаах, модьу быһыылаах, сүдү улахан киһи турар үһү. Саха фольк Бу саамай модьу эр дьоҥҥо сөптөөх үлэ этэ. Ч. Айтматов (тылб.)
2 даҕааһын #
Суон, уйуктаах, бөҕө-таҕа эбэтэр оннук киэптээх
Нууччалыы Крепкий, прочный или обладающий этими качествами
3 даҕааһын #
Бигэ эрэллээх, халбаҥнаабат, кытаанах (киһи ис санаатын этэргэ)
Нууччалыы Несгибаемый, непреклонный, твердый (о воле человека)
Модьу санаалаах дьон! Көр туохтан даҕаны соһуйбат, дьулайбат дьон.
Н. ЛугиновНиколай Снитко олус инициативалаах, булугас-талыгас, халбаҥнаабат модьу санаалаах табаарыс этэ СБТТ
4 этии #
Этиилэр
Модьу атах көр атах
Били үнүрүүн куттаабыт кыыла -- модьу атах, киэһэни быһа үгүрүөлээн-үгүрүөлээн баран, тотон эмиэ күлэн-салан алларастаан баарта.
Суорун ОмоллоонОйуур иһигэр модьу атах күлэр, үөгүлүүр.
Күндэ
Өссө холобурдар (2)
Модьу атах куобахтары тутаары, куттаары уһуутуур, алларастыыр. Т. Сметанин Ср. монг. бадьу ‘жать, прижимать’