ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

моонньоҕон

аат тыл

Нууччалыы шилохвост

I

1 аат тыл #

Уһун күөкэгэр ала моойдоох, суптугур кутуруктаах, көҕөннөөҕөр эрэ кыра, хатан-хатаннык быһыта баттаан саҥарар кураанах кус арааһа

Нууччалыы Шилохвост (вид дикой утки)

  • Моонньоҕоттор маҥнай утаа сэрэхэчийбиттии, -- хорос гынан иһиллии сырыттылар, онтон устунан эрдийэн -- аһаан хабыгыратан бардылар. Софр. Данилов. Чугас баҕайы биир үөр моонньоҕон түстэ.
    Т. Сметанин
  • Үрдүнэн арыт чөккөйдөр, дэҥҥэ моонньоҕоттор кылыбыраһан ааһаллар.
    П. Аввакумов
  • Ср. эвенк. мэйнэгэн ‘утка-шилохвост’
II

2 аат тыл #

Сиэнэр хара отонноох ыарҕатыҥы үүнээйи; ол үүнээйи отоно

Нууччалыы Кустарник черной смородины; черная смородина

  • Хаптаҕас, моонньоҕон, дөлүһүөн уга үүммүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Таня -- ыаҕайатын толорон, ол үрдүгэр харааччы буспут моонньоҕону хортууһугар килэччи кутан дьонугар аҕалла. Дьүөгэ Ааныстыырап. [Отоннортон] саамай бастыҥнара моонньоҕон уонна дьэдьэн.
    ХС
  • Ср. бур. мойһон ‘черемуха’, казах., каракалп. мойыл, кирг. мойул ‘черемуха’

«М» буукуба