Перевод с якутского
моруоска
аат тыл
Нууччалыы морошка.
аат тыл
Туундараҕа уонна сииктээх, муохтаах сиргэ үүнэр, сиринэн тэлгэнэр сэбирдэхтээх, намыһах уктаах, ыт тиҥилэҕэр майгынныыр саһархай дьүһүннээх бөдөҥ отон
Нууччалыы Морошка. Бадарааҥҥа моруоска сирэйэ-хараҕа суох үүнэрэ. С. Курилов (тылб.). Туундараҕа моруоска букатын кытара сытар, киһи үктэниэх сирэ суох. А. Семенов (тылб.). [Курупааскылар] саба тибиллэн хаалбыт туундара отонун моруосканы көрдүү көтөн эрдэхтэрэ. Т. Одулок (тылб.)