Нууччалыы и голоса не подал или слова против не вымолвил
мыык (да) диэбэтэ - тугу да эппиэттээбэтэ, утары биир да тылы саҥарбата (хол., куттанан)
НууччалыыИ голоса не подал или слова против не вымолвил (напр., от испуга)
Халҕаны тоҥсуйда. Ким да мыык да диэбэтэ.И. Гоголев
Кыра оҕолор табаарыстара Костя диэки этилэр да, [Хасхааннаах Куртахтан] куттанан ким да мыык диэбэтэ.Далан
Ол икки ардыгар Ирбиһэх Чабычаҕы кытары киирсибитинэн барда. Дьон бары ылы-чып бардылар. Ким даҕаны мыык да диэбэтэ. "ХС"; мыык да дэппэккэ - утарылаһыннарбакка, утары биир да тылы саҥардыбакка (тугу эмэ гын, сабырый). Θ Не дав даже пикнуть, не давая слова вымолвить (подавить, подчинить себе). [Куһаҕан кыыл аппын] аны таһырдьа баайдахпына, үөмэн кэлэн мыык да дэппэккэ хам баттыах бэйэкэтэ буоллаҕа.Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (2)
Уолаттар оҕонньору мыык да дэппэккэ көтөҕөн ылбыттара.В. Иванов