ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мэнэрик

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы человек, подверженный нервным припадкам, кликуша

1 аат тыл #

Кэмиттэн кэмигэр тииһиктэнэн, ииригирэн ыалдьар киһи (ыллыыр, кутурар икки ардынан, үксүгэр дьахтар)

Нууччалыы Человек, подверженный нервным припадкам, кликуша

  • Ойууннартан ураты көннөрү мэнэриктэр, өмүрэхтэр, ичээннэр, көрбүөччүлэр тобус-толорулар.
    И. Гоголев
  • Аҕа ууһугар көҕүспүт курдук иирээки аҥаардаах мэнэриктэр элбэхтэр. П. Ламутскай (тылб.)

2 даҕааһын #

суолт. Кэмиттэн кэмигэр ыллыыр, кутурар икки ардынан тииһиктэнэр, ииригирэр

Нууччалыы Истеричный, страдающий истерией, истерический

  • Өйө суох киһи, мэнэрик дьахтар курдук, санаата таһыгар (өс хоһ.). Мантан чыҥха хоту, таарымтата киирбит мэнэрик киһи курдук, иһин түгэҕиттэн ынчыктаан тиҥиргэтэр дьикти хайа дьиппиэрэн турар эбит
    И. Гоголев

«М» буукуба