Перевод с якутского
мэччирэҥ
аат тыл
Нууччалыы выпас, пастбище
English pasture
1 аат тыл #
Сүөһү мэччийэр сирэ
Нууччалыы Выпас, пастбище
Сүөһүлэр билигин мэччирэҥ кэнчээритин батыһан алаастары кэрийэллэрэ. Далан [Бэрэссэдээтэл] мэччирэҥи кэрийэн, сүөһү туругун көрөн, улаханнык хайҕаата. Н. Заболоцкай Күһүн сир тоҥуон иннинэ бэрт уһуннук хаардаах ардах түһэн, сылгы мэччирэҥэ мууһурбута Кыым
2 этии #
Мэччирэҥҥэ таһаар - сыл таһааран сүөһүнү күөххэ мэччитэ ыыт Мэччирэҥҥэ таһаарыах иннинэ ыалдьыбыт сүөһүнү араарыллар. "Чолбон". Уотуллар сүөһүнү мэччирэҥҥэ таһаарыах иннинэ хаһаайыстыбалар специалистара бостууктарга ыйаан туттараллар. ҮүТФҮК
Нууччалыы Выгонять скот на пастбище