Перевод с якутского
мээнэҕэ
сыһыат
Нууччалыы просто так, без причины, без умысла
1 #
Олоҕо, туох да төрүөтэ суох
Нууччалыы Просто так, без причины, без умысла
Дьэ, ити курдук көрдөөх кэпсээннэр мээнэҕэ үөскээбэттэрин эт бэйэбитинэн биирдэ билэн турардаахпыт. Тускун. Николай Гаврилович эдэр ыччат тапталлаах суруйааччыта диэн мээнэҕэ эппэттэрэ. Д. Васильева Суруйааччылар - дьоннор дууһаларын илдьиттэрэ диэн мээнэҕэ эппэттэр Чолбон
2 #
Соруга суох, халтайга, мээнэ
Нууччалыы Бесцельно, напрасно, без надобности
Отуу аттыгар волейбол сиэткэтэ мээнэҕэ бүтүн сайыны быһа турбатаҕа. Н. Заболоцкай [Наташа:] Билигин мин бастыҥ, бастыҥ үтүө кэмнэрим мээнэҕэ, кимиэхэ да наадата суох ааһан эрэллэр. Л. Толстой (тылб.)
3 #
Солуута суохтук, улахаҥҥа уурбат курдук
Нууччалыы Не принимая всерьёз, как будто в шутку
Билигин мин олоҕунан мээнэҕэ оонньууру сөбүлээбэппин А. Федоров