ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

мөҥүрээ

туохтуур

Нууччалыы издавать громкий протяжный крик, подобный "муу", реветь

1 туохтуур #

Уһун-уһуннук, доргутан "мөө" диэн саҥата таһаар (оҕус эбэтэр уу оҕуһун, аҥыр туһунан)

Нууччалыы Издавать громкий протяжный крик, подобный "муу", реветь (о быке или выпи)

  • Тиэргэҥҥэ сүөһү бөҕө аалыҥнас, атыыр оҕус мөҥүрээн лоҥкунуур, ыххайан эрэрдии суостаахтык айаатаан ылаттыыр.
    М. Доҕордуурап
  • Бу киэһэ Дьэпсэ [оҕус аата] үөрүттэн быстан, соруктаах аханнык туораан, мөҥүрүү-мөҥүрүү, биһиги оҕуруоппут диэки таҕыста.
    Далан
  • Будьуруус тиэргэҥҥэ атын оҕус баарын билэн, өрө чолос гына түспүтэ, суоһурҕанан мөҥүрээбитэ.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Хоту күөл хомуһун иһигэр аҥыр үстэ-түөртэ мөҥүрээн лүҥкүнэттэ
    ХС

2 этии #

Нууччалыы Разразился большой спор, скандал

  • Мөккүөр бөҕө мөҥүрээбит - айдаан, улахан саҥа-иҥэ, моргуор бөҕө тахсыбыт Хаалтыстан сылтаан, олус уһун, наһаа илистиилээх мөккүөр бөҕө мөҥүрээбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьокуускай куоракка мөккүөр бөҕө мөҥүрээбит, ол түмүгэр дьон бөҕө буруйдаммыт, үлэтиттэн уһуллубут.
    П. Аввакумов
  • Арай биирдэ кыыллар ортолоругар мөккүөр бөҕө мөҥүрээбит. Эвен фольк. Ср. казах. мөҥире ‘мычать’, др. -тюрк. мүҥрэ, тат. мөгрэү ‘мычать, реветь’

«М» буукуба