ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

наада

даҕааһын, сыһыат, аат тыл

Нууччалыы потребность, надобность, нужда в ком-чем-л.

English it is necessary, needed

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

Бэйэҕэ туһалаах, туһа буолар туох эмэ (үксүгэр тард. ф-гар тут-лар)

Нууччалыы Потребность, надобность, нужда в ком-чем-л. (обычно употр. в притяж. ф.)

  • Ыстапаан, этин таһырдьа таһа сылдьан: "Хор, бургунаспыттан алта буут тахсыыһык ээ, ама наадабын толунаа инибин", - диэн үөрэ санаата.
    А. Софронов
  • Ньургун сахалыы билбэккэ балачча моһуогурбута да, сотору син наадатын өйдүүр, кэпсэтэр буола үөрэммитэ.
    Далан
  • [Олох] сыанатын билбэт буоллаххына, кини төһө күндүтүн, эйиэхэ төһө наадатын билбэккин
    Н. Лугинов

2 аат тыл #

Тугу эмэ оҥорорго, толорорго ким эмэ чопчу кыһалҕата, түбүгэ-садьыга (үксүгэр тард. ф-гар тут-лар)

Нууччалыы Хлопоты, забота о чем-л. (обычно употр. в притяж. ф.)

  • Сууппар сарсыарда тоҕустан үскэ дылы олоробун, онтон киэһэ бэйэм наадабар сылдьар буоллаҕым дии.
    А. Софронов
  • Улуус киинигэр сылдьан ол-бу наадаларбын ситэн бараммын куоракка киирбитим
    А. Бэрияк

3 аат тыл #

Кимиэхэ, туохха эмэ көмө, эбии күүс, туһа (үксүгэр тард. ф-гар тут-лар)

Нууччалыы Содействие, помощь кому-чему-л. в чем-л., приносящая облегчение (обычно употр. в притяж. ф.)

  • "Бу аты -- нэһилиэк наадатыгар мииниллиэ", - диэн биир чоккуруос харахтаах хара аты [Сиидэрэп] тутта.
    Күндэ
  • Манна араас мастырыскыайдар аһыллыахтара, онно уус дьон улахан наада буолуохтара.
    С. Ефремов
  • [Араманаап:] Киһиҥ хайдаҕынан буолбатах - Киминэн, тугу туһалыыргынан, Киниэхэ наадаҕынан доҕордоһуохтаах
    Р. Баҕатаайыскай

4 аат тыл #

харыс т. Тахсан киирии (тард. ф-гар тут-лар)

Нууччалыы Нужда, естественная надобность (употр. в притяж. ф.). [Кулун Куллустуур] Таһырдьа ойон тахсан Түүҥҥү наадатын Түбүгүн аһаран, Төттөрү киирэр

  • ТТИГ КХКК. Онон кыһын таһырдьа наадабар, биитэр тар тооромоһун киллэрэ таҕыстахпына, бастаан кулгаахтарым тоҥоннор "лыс-лыс" гыналлара
    Р. Кулаковскай

5 аат тыл #

харыс т. Кимиэхэ эмэ таҕылгын ханнарар баҕа, имэҥ (хол., дьахтарга)

Нууччалыы Плотское желание

  • Кыыс даҕаны, саһарчы көрөн, иҥэ тэтэрэн, быстах наадаҕа быһа харбаан ыларга бэрт кыыс.
    П. Ойуунускай
  • [Харытыананы] эр киһи эрэ наадатын толорор айылгы харамайа сылдьарын курдук көрөр
    П. Ойуунускай

6 этии #

Нууччалыы Сходить по естественной надобности

  • Наадаҕар сырыт харыс т. - тахсан чэпчэтинэн киир Сорохтор ол икки ардыгар саҕынньахтарын бүрүнэн утуйа түһэн ыллылар, наадаларыгар сылдьан киирдилэр.
    Болот Боотур
  • [Ньахсаан ойуун] таһырдьа наадатыгар эрэ иккитэ-хаста тахса сырытта.
    В. Яковлев
  • Русск. надо
II

7 #

эб. Кэпсиирэ буолбут туохтуур форматыгар быһаччы сыстан, хайааһын оҥоһуллуохтааҕын, буолара булгуччулааҕын көрдөрөр

Нууччалыы Непосредственно примыкая к глагольным формам, выражает необходимость свершения действия

  • Үөрэххит дьылын түмүктүөххүтүн наада. Софр. Данилов. Куоракка эрдэ тиийиэххэ наада.
    А. Федоров
  • Онон уларыппатыҥ, кырдьыгынан этэриҥ наада
    Н. Павлов

«Н» буукуба