Перевод с якутского
сатан
туохтуур
Нууччалыы делаться как нужно, выходить удачно; получаться
1 туохтуур #
Сөптөөхтүк оҥоһуллан таҕыс, табылын
Нууччалыы Делаться как нужно, выходить удачно; получаться
Оҥоһуум сатанан эрэр. Үлэбит сатаммата. Сатаммыт сап саҕаттан салҕанар (өс хоһ.). [Баһылай:] Дьиҥ иһэ, киһи эрэ хобу таптыыр. Хайдах хобо суох олох сатаныай? Н. Неустроев Араастаан албастаан көрдүлэр да, барыта сатаммата. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Бу эргин 1140 гектаар сир нүөлсүтүллүөҕэ сатаммата П. Егоров Алдьаммакка, харгытаабакка үчүгэйдик үлэлээ (сүнньүнэн буолб. ф-ҕа тут-лар). Θ Работать, действовать исправно (употр. в основном в отриц. ф.). Носуоспут сатаммата. Уруучукам сатаммата. Аны: "Спидолабыт сатаммата", - дэһии буолуо У. Нуолур
2 туохтуур #
Тугунан эмэ кыһалҕаланыма, кыһалҕаттан быыһан, эрэйи көрүмэ
Нууччалыы Справляться с чем-л., избежать проблем, обходиться без кого-чего-л
Көмөлөһөөччүлээх эрэ буоллахпына сатанабын. [Сайсары:] Бэйэм да хайдах сатанарбын, бу сабыллан хаалан, билбэккэ олоробун.
Суорун ОмоллоонБыстахов диэн табаарыскыттан тэйдэххинэ сатанаҕын. Адьас! Эһиги суолгут тус-туһунан.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
Уолаттар миигинэ суох сатаналлара биллибэт Эрилик Эристиин Туох эмэ улахан куһаҕаҥҥа, моһуокка түбэс (буолб. ф-ҕа). Θ Оказаться в беде, иметь проблему (в отриц. ф.). [Көстөкүүн:] Биһиги арай сатаммакка олоробут. Кийииппит бэҕэһээ киэһэ биэ ыы тахсан баран, биэҕэ быһа тэптэрэн, өлөн эрэр. Эрилик Эристиин Тойотторуом, сатамматахпыт... Алдьархай бөҕө буолбут [киһилэрин ытан өлөрбүттэр] М. Доҕордуурап
3 туохтуур #
Туохха эмэ талаһан, тугу эмэ көрдөөн эбэтэр тугу эмэ оҥорон сүгүннэнимэ, кими эмэ тулутума (буолб. ф-ҕа)
Нууччалыы Выводить кого-л. из терпения настойчивыми притязаниями на что-л. или нарушениями порядка (в отриц. ф.)
Бу ыт сатанымаары гынна. Мантан инньэ баайыыга туттахха табыллар. И. Федосеев [Уоһук:] Суох! Бу киһи сатамматыгар тиийдэ [маһы уорбут]. Холкуостан киэр гыныахха бу киһини
Күндэ