Перевод с якутского
тулут
туохтуур
Нууччалыы побеждать, одолевать кого-л. легко и быстро, не давая возможности оказать сопротивление
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Кими эмэ, утарылаһар кыах биэрбэккэ, кэбэҕэстик кыай (үксүгэр буолб. ф-ҕа)
Нууччалыы Побеждать, одолевать кого-л. легко и быстро, не давая возможности оказать сопротивление (обычно в отриц. ф.)
Хаарга куобахтаатылар. Киристипиэл тулуппата. Амма Аччыгыйа Атах оонньуутугар чугаһынан тулутар киһитэ диэн суох буолбута. Багдарыын Сүлбэ. Киһитэ киирдэ да, Сергейи түҥ-таҥ тутан барда, төрүт тулуппата. СМН ТС
2 туохтуур #
Тугу эмэ ыарырҕаппакка, кыайа-хото тут, түргэнник бүтэрэ-оһоро оҕус (хол., үлэни, үөрэҕи – үксүгэр буолб. ф-ҕа)
Нууччалыы Справляться с чем-л. (напр., с учёбой, работой) с лёгкостью (обычно в отриц. ф.). [Андриан оҕонньор:] Оҕом оннук буолумуна, кыһаннар эрэ үөрэҕи баҕас тулутуо дуо?
Эдэр дьон туох да үлэтин тулуппат этилэр. И. Данилов Икки-үс биэрэстэ сири тулутуо дуо, аҕатын суолунан олуктанан, быһыкка кэлэн, кэтиллэ түстэ ХС
3 туохтуур #
Кими эмэ ааспакка-арахпакка, киһи тулуйуо суоҕун курдук, күүскэ эрэйдээ
Нууччалыы Не давая покоя, нестерпимо одолевать, мучить кого-л. [Маайа:] Тойонум, хотунум аах тулутан олордоллоруттан аастылар
Дьиэтигэр кэлээт Миитэрэй сытта. Хараҕын ыарыыта түүнү быһа тулуппата. Амма Аччыгыйа Көхсүм дьарҕата тулуппата Н. Заболоцкай
4 этии #
Этиилэр
Өй мэйдээҕи тулуппат
өй мэйдээх тулуйбат диэн курдук (көр өй).
Сэмэнчик диэн -- ытаатар эрэ өй мэйдээҕи тулуппат омуннаах, кыра быраат баар буолбут эбит. Амма Аччыгыйа Өкүүбүт эмиэ сарылаан, өй мэйдээҕи тулуппата. И. Федосеев
Сүрэҕэ батарбат (тулуппат) көр сүрэх I
Табык дорҕоонноох тыаһын истэн, Сүрэҕим тулуппакка, бу тиийэн кэллим. И. Гоголев
Сүрэҕэ-быара батарбат (тулуппат) көр сүрэх-быар
Кулан оҕонньор төһө да тоҥхойо кырыйдар, сүрэҕэ-быара тулуппат. И. Федосеев