ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

торут

туохтуур

Нууччалыы одолевать, справляться с кем-л

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Кими, тугу эмэ иннин ыл, салай

Нууччалыы Одолевать, справляться с кем-л

  • Харахаанап тойон, биир бассабыыгы торутуохха айылаах быаны булан аҕаллым
    Эрилик Эристиин

2 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., кыылы) ыыппакка бүөлээн тур; тугу эмэ биллибэт гына хаххалаа

Нууччалыы Загородив, остановить на ходу (напр., зверя); замаскировать что-л. (напр., ловушку)

  • Күтүр кыылы хаайаҥҥын, Барар суолун торуттуҥ.
    И. Чаҕылҕан
  • [Тоҥус] иин тулатын хатырыгынан торутар.
    УАЯ А
  • Үүр, хаай. Θ Пригнать, припереть. Үрүҥ-хара түүлээххиттэн, Тоҥуубар торутаҥҥын, -- Күөйэ көтөн кулу!
    П. Ойуунускай

3 туохтуур #

Кими эмэ (хол., утарсааччыгын) салыннар, буой, тохтот

Нууччалыы Приостанавливать, устрашать кого-л. (напр., противника)

  • Бүүчээн сүрэҕин саҕа сутуругум сыысчаанынан кими кыайан торутуомуй?!
    Ф. Постников
  • Кинээстэрэ: "Соҕотох түөкүнү торуппатахпына, мин буолуом!" - диэн күөмэйин муҥунан хаһыытаата. ОИП Х. Тоҥ Уустары торуттум, Урааҥхай Сахалары ити үс толооҥҥо туругуртум
    Чолбон

4 туохтуур #

Тугу-эмэ (хол., билбэккин) онон-манан утумнаан, сабаҕалаан көр

Нууччалыы Подразумевать, предполагать что-л. (напр., незнакомые явления) в общих чертах, знать приблизительно

  • Сүөдэр ити ырыалар үгүс тылларын сахалыытын билбэт, улахан өттүн сэрэйэн, быһа торутан өйдүүр
    Чолбон

«Т» буукуба