Перевод с якутского
най
даҕааһын
Нууччалыы тяжелый на подъем, медлительный, ленивый
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
, эргэр
Тымныы күн чэбдик дьолун Үлэһит эрэ билэр, Сыылба, сыппах, най дьону Ытарчалыы ыга ылар. С. Данилов Ийэлэр кэннилэриттэн саҥата суох ытааннар, санньыар хара таҥас кэтэн, най күлүктэр хаамсаллар И. Гоголев
2 даҕааһын #
Кэдирги майгылаах, сүрэҕэ суох, сыылба
Нууччалыы Тяжелый на подъем, медлительный, ленивый
3 даҕааһын #
Олус ыарахан, ыйааһыннаах
Нууччалыы Широкий. Сүкпэккэ-көтөхпөккө дараҕар най долбуур, таас-суорун сарыннарбыт куҥ буола ууллубуттара. Д. Апросимов
4 этии #
Нууччалыы Стать равнодушным, безответственным ко всему (все взваливая на кого-л.)
Най бар - кимҥэ, туохха эмэ сэлээннээн ыһыктынан кэбис, туохха да кыһаммат буол Маннык кытаанах кэмҥэ най барбыттара абакката бэрт эбээт. В. Протодьяконов Биһиги билигин олох тупсубутунан, ас-таҥас дэлэйбитинэн сибээстээн алыс най баран эрэрбит мэлдьэҕэ суох. Тумарча. Биригээдэ дьоно най барбыттар. "Кыым". Най барыы - сэлээннээн ыһыктынан кэбиһии, туохха да кыһаммат буолуу, найылааһын. Θ Равнодушие, самоустранение от чего-л. (напр., работы), безответственность, бездействие. Оройуоннарга туох да үлэ барбатаҕа сэмэлэниэх тустаах. Бу оройуоннарга наһаа най барыы тахсыбыт. "Кыым". Оҕобут улаатта - бэйэтин олоҕун бэйэтэ быһаарыннын диэн най барыы -- табыллыбат. ОАП ИиЭУО. Най хара фольк. – олус хара, ыас хара. Θ Черный как сажа, пречерный. Арҕааттан най хара этиҥ былыта халлааны хараҥарда халыйан таҕыста. Т. Сметанин Өрдөөҕүттэн өртөммөтөх Үрүйэ дулҕатын сиэлин курдук Най хара баттаҕа Лаҥхара хаппыт. С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Далла ураһа саҕа най хара буруолаах Суостуганнаах аан уххан Аал уотум иччитэ. С. Дадаскинов