ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

накый

туохтуур

Нууччалыы сгибать ноги в коленях, стоять на полусогнутых ногах

туохтуур

Тобуктаргын бокутан чохчоччу соҕус тутун

Нууччалыы Сгибать ноги в коленях, стоять на полусогнутых ногах

  • Оҕонньор уҥуохтуун-сүһүөхтүүн накыйар, төбөтүн кыҥнатар.
    Амма Аччыгыйа
  • Сарыы сонноох уол -- сирэйин ханньаччы туттан, улам аллара накыйан сууллан испитэ.
    Далан
  • Уҥуоргу кытыы чугаһаатаҕын аайы ууга накыйан моонньубутун эрэ таһаарабыт.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. нахийх ‘сгибаться, нагибаться, прогибаться дугою’, монг. нахий ‘свисать’

«Н» буукуба