ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

намчы

даҕааһын

Нууччалыы тонкий, нежный, изящный

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

, кэпс

  • Намчы кэнчээрини уу курдук кэһэн, ходуһаны туораан, биһиги бурдук сиригэр таҕыстыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Намчы оҥоһуулаах наарта сыарҕа хаарга сыстар сыстыбат сыыйыллар.
    Т. Сметанин
  • Хойуу сэбирдэхтээх намчы лабаалар кини кэтит саннын имэрийэн хаалаллар
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
  • Олус нарын, сымнаҕас (хол., түүнү этэргэ). Θ Очень нежный, тонкий, мягкий (напр., о шерсти). Наһаар дьиэтин мала туйгун, Намчы түүлээх көбүөрдэрдээх -- Негритянскай, арабскай купсууннардаах.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Намчы түүлээх бараан түүтэ ыйга уон милимиэтир уһуур.
    БК БК

2 даҕааһын #

Уран, нарын, тупсаҕай оҥоһуулаах

Нууччалыы Тонкий, нежный, изящный

3 даҕааһын #

Модьута суох, нарын, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах (киһини этэргэ)

Нууччалыы Нежный, тонкий, изящный (о человеке)

  • Намчы бэйэлээх, наҕыл быһыылаах Дуоктар иһэр Мария Ивановна, Нуучча кыыһын талыы нарына.
    С. Данилов
  • Намчы киһи нарын Байбал, намыын-намыын Марыынатын Үөрдэр өйдөөх, үөһэ тыынна, үс биһилэх саатын ылла
    Күннүк Уурастыырап

4 даҕааһын #

Холку, синньээн, нарыннык иһиллэр (саҥа, куолас туһунан)

Нууччалыы Приятный, спокойный, нежный (о голосе, звуке)

  • Саҕынньахтаах үллэйбит табаһыта арай: "Уой, туох абааһы киһитэй!" - диэбитэ, оҕолуу намчы саҥа иһиллибитэ.
    Н. Габышев
  • Бэйэбит испитигэр улаханнык биллибит солистардаахпыт. Николай Гоголев сүрдээх намчы куоластаах.
    ВВ ТТ

5 даҕааһын #

Истиҥ, сымнаҕас (майгы-сигили туһунан)

Нууччалыы Мягкий, сердечный, душевный (о характере человека)

  • Ньукулаас дараҕар кэтит сарыннаах, улахан уҥуохтаах, ол гынан баран көрүҥэр сөп түбэспэт ураты намчы майгылаах.
    С. Никифоров
  • Дуня урут кыраттан да тымта түһэрэ суох буолбут, ол оннугар наҕыл, намчы сигили көстөр
    А. Федоров

«Н» буукуба