Перевод с якутского
намыччылаа
туохтуур
Нууччалыы обработать детально, делать что-л. ловко, искусно, тонко
1 туохтуур #
Тугу эмэ тупсаран, чочуйан оҥор, нарылаа
Нууччалыы Обработать детально, делать что-л. ловко, искусно, тонко
Тоҕус киис тириитинэн намыччылаан, Дьарҕаалаан оҥорбут Дьаптайан тикпит Дьабака бэргэһэтин Төбөтүн оройугар Туорайдыы ууруммут. Саха нар. ыр. II
2 туохтуур #
Тугу эмэ наллаан сиһилии, олохтоохтук ситэрэн эт, кэпсээ
Нууччалыы Говорить, рассказывать плавно, подробно, тщательно подбирая нужные слова
Бу богуону намыччылаан суруйа соруммаппын. Быһата, сиэркилэ толбоно, көбүөр нуһараҥа, орон дэлэгэйэ. Амма Аччыгыйа Остуоруйаһыттар, олоҥхоһуттар -- намыччылаан, чаҕаарыйа кэпсии олорооччулар. С. Данилов Лөкүөрүйэ уола хардарбатаҕын иһин, санаата батарбакка, атыннык намыччылаан ылбыта. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (1)
[Учуутал] бастаан, олох намыччылаан киһилии кэпсэтэр, туох-ханнык буолтун быһаарар, ырыҥалыыр санаалаах этэ Н. Босиков