Перевод с якутского
ньимис гын
туохтуур · этии
Нууччалыы мгновенно вонзиться куда-л.
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Эмискэ ньимиччи, батары киир (туох эмэ уһуктааҕы эҥин этэргэ)
Нууччалыы Мгновенно вонзиться куда-л. (о чём-л. остром и т. п.)
Ньуукка кылгас уктаах батыйатынан [кыылы] көхсүгэ сырбатта, сытыы батыйа ньимис гынан хаалла, кыыл кэдэрийбэхтээн ылбахтаата. Л. Попов Кэлэҕэй [киһи аата] толору баһыылаах ньуоската айаҕар ньимис гынан хаалла Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Эмискэ көстүбэт буол, сүтэн хаал (хол., ууга, хаарга, от быыһыгар киирэн эҥин)
Нууччалыы Провалиться куда-л., исчезать в чём-л., потеряться из виду (напр., затеряясь в воде, в снегу, в траве и т. п.)
Табалар хомурах хаарга батары түһүтэлииллэр, арҕастара өрө хоройо-хоройо таҥнары ньимис гынар, арыт муостара эрэ адаарыҥныыр. Болот Боотур Кыра муустар сорохторо аллара диэки [ууга] ньимис гынан хааллылар. П. Филиппов Куттаммыт кус оҕолоро күөл атаҕын диэки чырылаһан тахсан от быыһыгар ньимис гынан хаалаллар Н. Заболоцкай
3 туохтуур #
Туох эмэ иһигэр, анныгар киир (хол., хараҥа сиргэ)
Нууччалыы Проникать, влезать куда-л
Балай эмэ үрдүк олбуорга өрө хатаастан эмиэ иһирдьэ ньимис гыннылар. Болот Боотур Орон анныгар ньимис гынан хаалла.
Күндэ[Кутуйах] суолун устун мөлбөһүйэн иһэн, хороонугар ньимис гынна Н. Габышев
4 туохтуур #
Эмискэччи сиҥнэн, сууллан түс (үллэгэр, хороҕор тугу эмэ этэргэ)
Нууччалыы Внезапно обрушиться, провалиться, рухнуть (о чём-л. высоко торчащем)
Бөлкөй от били мааҕыҥҥытын курдук оргууй буолбакка, эмискэччи ньимис гынна. Т. Сметанин Аҕыйах хонуктааҕыта үллэйэ сыппыт хаар эмискэ сири кытта тэбис тэҥ буола ньимис гынан хаалбыт. В. Иванов Дьиэлэрэ сууллан ньимис гына түспүт П. Тулааһынап
5 туохтуур #
Тимис гын (хол., киһи дууһатын, санаатын этэргэ)
Нууччалыы Провалиться куда-л. (напр., о душе, мыслях)
Ынырык аат айаҕар кини дууһата ньимис гынна. А. Сыромятникова Кини били туохха да уолуйуо суох көрүҥэ ханна эрэ дууһатын түгэҕэр ньимис гынна М. Попов