Перевод с якутского
ньыламан
Нууччалыы постоянный эпитет, описывающий белизну лица (в художественной литературе). [Алааппыйа:] Эн, эдэр дьахтар, туох буолуоҥуй, аһыыҥ ааһыа да көссүүгэ баҕарыаҥ - көссүү көстүө, эргэ баҕарыаҥ - эр көстүө, сирэйиҥ ньыламан маҥан, бэйэҥ эдэргин
ньыламан маҥан - 1) уус-уран литэрэтиирэҕэ ыраас, үчүгэй сирэйдээх киһини ойуулуур халбаҥнаабат эпиитэт
Нууччалыы Постоянный эпитет, описывающий белизну лица (в художественной литературе). [Алааппыйа:] Эн, эдэр дьахтар, туох буолуоҥуй, аһыыҥ ааһыа да көссүүгэ баҕарыаҥ - көссүү көстүө, эргэ баҕарыаҥ - эр көстүө, сирэйиҥ ньыламан маҥан, бэйэҥ эдэргин
Чугаһаабыттарын кэннэ көрбүтүм: биирдэстэрэ хара бытыктаах үөс курдугунан көрбүт киһи, доҕоро - эдэр ньыламан маҥан оҕо киһи эбит. Н. Неустроев Кыынньар кэргэнэ Өкүүчэ ханалдьыйа хаампыт ньыламан маҥан дьахтар. А. Фёдоров; 2) сиилээн. Ис киирбэҕэ суох аһара маҥан сирэйдээх (үксүгэр дьахтар туһунан). Θ Белый как тесто; необычно белолицый (о женщине). Хабаҕар диэри хатыр маҥан, тыһыгар диэри ньыламан маҥан, туйаҕар диэри түмэлдьи маҥан (өс хоһ.). Кини, тыһы кырынаас курдук ньыламан маҥан оҕолорун барыларын саакка киллэртээтэ. Н. Якутскай Эн, ньыламан маҥан, хантан көһүннүҥ! Көстөөтүн Мөрүөн Саабыһы харааччы иирдэн кэбистиҥ И. Гоголев