Перевод с якутского
ньылаҥнас
туохтуур, даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы угождать, лебезить, подлизываться, заискивать
1 туохтуур #
Илин-кэлин түһэн албыннас
Нууччалыы Угождать, лебезить, подлизываться, заискивать
Денис киниэхэ куруутун үчүгэйдик сыһыаннаһара. Өссө кыратык ньылаҥнаһар да курдук диэҕи баҕарыллар. Далан "Чэ, кэл, олор, бу барҕа быйаҥтан [арыгыттан] тииһин", - Түү Сирэй ньылаҥнаһан тула көттө. Р. Баҕатаайыскай Кини бүгүн миигин кытта тэҥнээх улахан киһилии кэпсэттэ, өссө кини кыратык ньылаҥнаһар туонуттан мин соһуйдум. Далан
Өссө холобурдар (1)
Киниэхэ [сур бөрөҕө] араастаан эккэлээн ньылаҥнаспыттар Л. Попов
2 даҕааһын #
Бэрт буола сатыыр, ньыла көтөр
Нууччалыы Льстивый и угодливый; заискивающий
Саһыл курдук ньылаҥнас, ыт курдук ырдырҕас (өс хоһ.). "Үрдүкү", "улахан" дьоннорго Үҥэргэ-сүктэргэ бэлэмҥин. Ис дьиҥиҥ арыллар оччоҕо: Ньылаҥнас эрэйдээх эбиккин. М. Ефимов Дьоҥҥо эккэлэс ыттыы ньылаҥнас киһи биир эмэ соххор солкуобайы умналаан ыллахпына, үөрэн уҥуоҕум салҕалас буола түһэр ХС
3 аат тыл #
суолт. Кимиэхэ эмэ илин-кэлин түһэр, ньылаҥныыр идэлээх киһи
Нууччалыы Льстец, угодник; подхалим, лизоблюд
Кэлиэм суоҕа ньылаҥнаска. Бэйэмсэххэ, хос сирэйгэ, Кинилэр биир да чааска Күүппэтиннэр миигин сиргэ. И. Гоголев Киэр буоллуннар араас түөкэйдэр, ньылаҥнастар! С. Тимофеев [Маяковскай] өргөс-кылаан тылынан куттастары, хобуоччулары, ньылаҥнастары, киһиргэстэри утары охсуспута ХС