ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньылбырыҥнас

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы быть, становиться ослизлым, что трудно удержать в руках

I

1 туохтуур #

дьүһ. туохт. Таба туттарбат ньылбырхай буол (хол., салыҥнаах балык)

Нууччалыы Быть, становиться ослизлым, что трудно удержать в руках (напр., свежая рыба)

  • Аджей көлөһүнэ сар түһэн киһи кыайан туппат, биир кэм ньылбырыҥнас буолбут, Ньургун мүччү тутан иһэр.
    Н. Лугинов
  • Остуол курдук хаптаҕай суорба таастарга сөҕүөмэр улахан баҕайы ньылбырыҥнаспыт кыыллар сыылаҥхайдыы сылдьаллар. Р. Стивенсон (тылб.)
II

2 даҕааһын #

Бадараан курдук сымнаҕас, ньылҕаархай, халтархай (хол., бадараан)

Нууччалыы Сырой, скользкий (напр., жидкая грязь, слякоть)

  • Таһырдьа хараҥа, уот суох, тротуар суох, ньылбырыҥнас бадараан.
    С. Васильев
  • Бөлүүн аанньа тоҥорботох, Бороҕоннуур суол ньылбырыҥнас бадарааҥҥа кубулуйбут.
    А. Данилов
  • Пётр саҥата суох араас өҥнөөх арыгылары иһэрэ, ньылбырыҥнас, аһыыккан баҕайы тэллэйи кэбийэрэ. М. Горькай (тылб.)

«НЬ» буукуба