ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньэмиэт

аат тыл

Нууччалыы выкройка, форма

1 аат тыл #

Таҥаһы эбэтэр тугу эмэ быһар киэп; үкчү быһыы

Нууччалыы Выкройка, форма

  • Илин-хоту икки ардынан кэлээччи-барааччы кэлтэгэй атахтаах Кэп туонуохтара диэн, Иринньэх чөкчөҥө Ньэмиэтин тиирдэрбит.
    С. Зверев
  • Үүннээх-тэһииннээх Үтүө тылбын Икки тэргэн ый Ньэмиэтэ буолбут Дьэллэҥ кулгааххар Таба таайан, Эттээх хааҥҥар эридьиэстээн истэ, Көрө билгэлээ. Таллан Бүрэ. Биһилэҕи оҥорорго маҥнай хордуоҥка ньэмиэт оҥорон баран, халыҥ соҕус лиис тимиргэ суруйан ылыллар
    Чолбон

2 аат тыл #

Сирэй, ньуур

Нууччалыы Лик, образ

  • Бу уот-кудулу муора баһылыга Баача Баатыры сатаатар саһан тураммын Сырдык сэбэрэтин, ньилбэгэй ньэмиэтин Иҥэринэн хаалларбын.
    С. Зверев
  • Уонна ол өй көмөтүнэн, Өй оҥорор ньэмиэтинэн Санаа уран өтүйэтинэн, Хат-хат айа, төхтүрүйэн Көтүрэ-көтүрэ эбэн, Үгүс үйэ уһаммыта, Симээбитэ, уһаарбыта.
    С. Данилов
  • "Кини хайдах да суоһурдун, суодуйдун, бэйи аны утарсыам эбээт, мин да уола хааммын", - диэн [Маппыр] иһигэр саана сылдьар да, Абыраамап уорастыйбыт ньэмиэтин көрдөҕүнэ, -- Абыраамап этэрин барытын ылыммыта уонна толорбута эрэ баар.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Русск. намёт

«НЬ» буукуба