Перевод с якутского
таман
аат тыл
Нууччалыы тонкий наружный слой мяса на рёбрах, а также жир под ним у скота и зверя
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Сүөһү, кыыл ойоҕоһун чараас тас бүрүө этэ уонна ол иһинэн үөскүүр сыата
Нууччалыы Тонкий наружный слой мяса на рёбрах, а также жир под ним у скота и зверя
Икки сототун бөтөҕөтүнэн Икки таллан таас ойоҕоһун Хат таманнары, Халыҥ куҥнары, Хатан бүлтэстэригэр тиийэ, Хаан оҕуолаан тахсыар диэри Быһыта кыпчыйталаан ылла. Күннүк Уурастыырап [Эһэни] сүлэн истэхтэрин аайы тас таман сыата бырдьайан тахсыталаата. Эрилик Эристиин Ынахтарын тас таманнарын сүлэн ылан оҕолорго сэмсэ биэрдилэр СГФ СКТ
2 аат тыл #
Үүнэн турар мас хатырыгын, туоһун уонна дьиҥнээх этин икки ардынааҕы субата
Нууччалыы Луб лиственницы, берёзы
Араҕас таманын алдьаппакка хастаан ыллахха, хатыҥ туох да буолбат, хата, куһаҕан да буоллар хаттаан туос үүннэринээччи Болот Боотур
3 аат тыл #
Дьахтар маҥан, сырдык-ыраас сирэйин, сандаархай этин-сиинин, тириитин ойуулаан этии
Нууччалыы Сияющий белизной лик; светлое, чистое тело (о женщине – эпитет красавицы в эпосе олонхо). [Айталыын Куо] Таҥас бүтэй Талба-нарын Тамана көстөр
Дьахтар быһахха таманын да таарыйтарбатах, аһаран биэрэн барбах таҥаһын эрэ хайа тыырдарбыт. Саха фольк Таҥас бүтэй таманыҥ сандаарбыт Талыыкан далбарым! Д. Апросимов
4 аат тыл #
Туох эмэ көстөр тас иэнэ, таһаата, ньуура
Нууччалыы Открытая, доступная взору поверхность чего-л. (напр., площади)
Аан маҥнай кыталык үҥкүүлээбит кылааккай кырыстаах кылбаҕар кырдалгыт араҕас таманыгар бастакы булуугу мин соспутум. М. Доҕордуурап Бырааһынньыкка кэлбит дьоннор улахан күөл халдьаайытын таманыгар турбут балааккаларга түспүттэрэ. П. Аввакумов Үрэх тас таманыгар халдьаайытын, куулатын батыһа субуруччу бугуллар -- көстөллөр. Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
Улуутуйа кэҥии арыллар Улахан болуоссат тамана, Кулгаахпар биир дьүрүс кутуллар. Куугунуур курас дуораана В. Дедюкин
5 аат тыл #
бот. Таастар быыстарыгар, кураанах эниэ сиргэ, кумахха үүнэр, курааны кыһаллыбакка тулуйар кылгас силистээх үүнээйи
Нууччалыы Очиток. Таман сэбирдэҕэ халыҥ, хайдах эрэ эттиҥи. Ардах кэмигэр силистэринэн элбэх ууну оборон ылар, онтуката кураан кэмҥэ кинини өлүүттэн быыһыыр. СМН АҮө. Ср. тюрк. табан, таман ʻбазис, основаʼ