ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

нэк

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы истертый, изношенный мех

1 аат тыл #

Кылаана бүтэн эргэрбит тирии

Нууччалыы Истертый, изношенный мех

  • Атах ороҥҥо Мүлдьү уол нэк быыһыгар мас ынахтарынан оонньуу олорор.
    Суорун Омоллоон
  • Үтүлүгүн иһин нэгин быһыта тыытан ыла-ыла, бааһын бүөлүү туттумахтаата
    А. Сыромятникова
  • бит тирии таҥас-сап (хол., сон, суорҕан). Θ Старая изношенная вещь на меху (напр., пальто, одеяло). [Балбаара] кини сээкэй нэги холбоон, хохто буолан хаалбыт эргэ хомуһуол сонун дуомун хаҥатынан, урут таһырдьа Ньукулай үлэлиир үлэтин бэйэтэ үлэлиир буолла
    Уустаах Избеков

2 даҕааһын #

суолт. Кылаана бүтэн эргэрбит, илдьирийбит (түүлээх таҥаһы-сабы этэргэ)

Нууччалыы Истертый, изношенный (о мехе)

  • Микиитэ -- ньылбы сытыйбыт торбос ыстаанын сиргэ тэбэн кэбистэ да, нэк суорҕанын анныгар киирэн хаалла.
    Амма Аччыгыйа
  • Байбал нэк бэргэһэтин, күтүр улахан сылгы үтүлүгүн кэтэн барда.
    Күндэ
  • Илдьиркэй тоҥолохтоох куобах өрөҕөтө нэк сонум итиини соччо иҥэриммэт.
    В. Чиряев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. сой. нэгэй ‘овчинная шуба’, бур. нэхы, нэхэй ‘меховой, длинношерстный, мохнатый’, монг. нэкэй ‘овчина, овечья шкура’

3 этии #

Нэк буол - элэйэн, аалыллан, кылааныҥ бүтэн эргэр (түүлээх таҥаһы этэргэ) Нэк буолбут соммун кэттим

Нууччалыы Быть изношенным, истертым (о мехе, об одежде на меху)

«Н» буукуба