ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илбиркэй

даҕааһын

Нууччалыы изорванный, изодранный, изношенный вконец

1 даҕааһын #

Тырыттыбыт, быһыта баран тэллэ, салыбырыы сылдьар

Нууччалыы Изорванный, изодранный, изношенный вконец

  • Тайахтаах, илбиркэй таҥастаах, оҕуруот таһыгар, дьиэттэн тэйиччи кыс маска олорор.
    А. Софронов
  • Таһырдьаттан Уһун Сэмэн, Сиикэй Ньукулай бар хоруо буолан илбиркэй ырбаахылаах, матыыгалаах киирэллэр.
    Күндэ
  • Киэһэ аайы мин соҕотох илбиркэй кинигэбин хайдах эмэ мүччү туттаран көрө охсор дьулуурдаах.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)

2 этии #

Нууччалыы Разорять вконец, пускать по миру

Этиилэр

Илбиркэй эҥээрдээ

көлөһүннээн сиэ, дьадат, баайын эс Мин эһигини, хара көлөһүммүн муспут баайбын-топпун аймаабыттары, алаһа дьиэбин алдьаппыттары, илбиркэй эҥээрдээбиттэри, бакыр сүһүөхтээбиттэри, ойуттубут олооччулаабыттары, кыраатаҕым буоллун!

  • Н. Якутскай

«И» буукуба