ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэрий

туохтуур

Нууччалыы обходить, объезжать кого-что-л. поочередно с определенной целью

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Тус туһунан үгүс сиргэ эбэтэр туохха эмэ аахтара сылдьыталаа

Нууччалыы Обходить, объезжать кого-что-л. поочередно с определенной целью

  • Муҥ маһы кэрийбэт, киһини кэрийэр (өс ном.). Биһиги экскурсиялаан, дьоллоох, мичиктээх Украинаны кэрийэ сылдьабыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Чүөчээски күрээтэҕин күн быһытын туох баарын барытын кэрийдэ.
    Суорун Омоллоон
  • Саҥа хаһаайын сирин-уотун кэрийэн көрөн баран, ресурсата мөлтөх эбит диэн түмүккэ кэлбитэ
    Кыым

2 туохтуур #

Туох эмэ кытыытынан, тугу эмэни кыйа бар, бара тур

Нууччалыы Идти, ехать, плыть мимо, по краю чего-л

  • Кинилэр үрдүк хара сыыры аннынан кэрийэ устан истилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Иччитэх балаҕан оҕуруотун кэрийэ сүүрэн иһэн көрдөҕүнэ, күөрт ыт дьиэ анныгар олорор эбит.
    М. Чооруоһап
  • Кумах кытылы кэрийэ, икки киһилээх лаппаҕар мас тыы долгуҥҥа күөрэҥниир.
    ПН

3 туохтуур #

Туох эмэ кытыытынан, тугу эмэни кыйа субулун, бара тур (хол., суол, үрэх о. д. а.)

Нууччалыы Протянуться, пролегать (около, мимо чего-л.; напр., о дороге, речке)

  • Сыарҕа суола тыа саҕатын кэрийэ барда.
    Ф. Захаров
  • Айаннарын суола биһиги олбуорбутун кэрийэн ааһар.
    Эрилик Эристиин
  • Уҥа диэки истиэнэни кэрийэ барар ороннор, улахан аһыыр остуол тураллар
    Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Тугу эмэни кыйа, туох эмэ кырыытынан сыт, тур, баар буол. Θ Протягиваться, пролегать, выстраиваться вдоль чего-л. Таастары тиэйэн аҕалан дьаарыстаан оҥоһуллубут баррикадалар олбуор эркинин кэрийэ кыстана сыталлар
    Эрилик Эристиин

4 туохтуур #

Киһиттэн киһиэхэ тарҕанан, эргийэ сырыт (кэпсээн, сонун, сурах о. д. а.)

Нууччалыы Переходить из уст в уста, распространяться устным путем (о молве, слухах)

  • Моһоллоох ойуун кэпсээнэ ыаллар дьиэлэрин кэрийдэ.
    М. Доҕордуурап
  • Кыыс кэлбитин бастакы субуотатын кэнниттэн бөһүөлэк ыалларын -- маннык кэпсээн кэрийбитэ.
    Э. Соколов
  • Ср. др. -тюрк. кез 'ходить, бродить, странствовать'; монг. кэрү 'шататься, странствовать'

5 этии #

Ыалы кэрий бэй. туһ. - ыал устун бар, умнаһыт кумалаан буол "Бэйэм буоллахпына бу ыалы кэрийэн кумалаан буола сылдьабын", - диэн баран эмээхсин -- үҥэн боҕуйан кэбистэ. Эрилик Эристиин. [Тоокуй] бэйэтэ ойоҕунаан ыалы кэрийэн аһыыллар. Күндэ. Тэҥн. ыал устун бар (сырыт)

Нууччалыы Идти по миру, нищенствовать, попрошайничать

6 этии #

Нууччалыы Начинать ходить, делать первые шаги, держась за края лавки (старинной якутской юрты - о ребенке)

  • Сыҥаһаны кэрий бэй. туһ. - сабыс-саҥа атахха уйуттар буолан, тутуһан хаамп (былыргы дьиэҕэ орон сыҥаһатыттан тутуһан оҕо маҥнай хаама үөрэнэрэ) Сыҥаһаны кэрийбиппэр Сыччыыйдара буоллум.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Сыҥаһаны кэрийэр эрдэхпиттэн Эриэн бургунаһыҥ үүтүн испитим. П. Тулааһынап

«К» буукуба