ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэриимнээ

туохтуур

Нууччалыы обходить, объезжать, облетать вокруг

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Төгүрүччү кэрий, кэрийэн көрө сырыт

Нууччалыы Обходить, объезжать, облетать вокруг

  • Икки атахтаах Ириэнэх хааннанан, Ийэ сирин кэриимнээтэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Күнүн аайы бу баай тайҕа үрдүнэн тоноҕосчут курдук уһун кутуруктаах саллаҕар төбөлөөх тимир көтөр ньирилии кэриимниир.
    И. Гоголев
  • [Тииҥ] Томтор сир арҕаһын Сарсыарда кэриимниир Уһун тиит чыпчаалын Үрдүгэр чэрэҥниир
    С. Васильев

2 туохтуур #

бэй. туһ. Дьиэтэ-уота суох буолан ыаллары кэрий, бырадьаагалаа, кэрэдэхтээ

Нууччалыы Скитаться по чужим домам, бродяжничать

  • Ол эрээри кэҥсэ [айах адаҕата] буолан, нэһилиэги Кэриимниирим баһа биллибэт. Умнаһыт буолан Улууһу ороскуоттуурум баһа биллибэт.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Умнаһыт буолан кэриимнии барыахтара, үс сыл умналаан аһыахтара. М. Горькай (тылб.)

3 туохтуур #

бэй. туһ. Оҕолору сүрэхтии, дьону бэргэһэлии, малыыппа этэ кэрийэ сырыт (былыргы кэриим аҕабыытын туһунан)

Нууччалыы Объезжать паству, крестить детей, венчать и т. п. (в старину о странствующих священниках-миссионерах)

  • Уол төрөөтөҕүн кыһын, аҕабыыт кэриимнии сылдьан Максим диэн уол төрөөбүтүн туһунан суруйбута
    П. Филиппов

4 туохтуур #

Кэрит, кэритэн үллэр

Нууччалыы Обносить что-л. по очереди, распределять что-л. в несколько приемов, повторов

  • Ити икки ардыгар чаҕардар хас ыалдьыт аайы үрүүмкэ кутуталаан хаста да кэриимнээн бүтэрдилэр. А. Пушкин (тылб.)

5 туохтуур #

Киһиттэн киһиэхэ, ыалтан ыалга тарҕан

Нууччалыы Переходить из уст в уста, из дома в дом (о слухах)

  • "Тугу гыныахха?" диэн толкуй Кэбээйини биир гына кэриимнээн баран, кэнникинэн кинилэр түөлбэлэнэн сытар Чиҥнээнилэригэр тиийэн кэлэр
    ХС

«К» буукуба