ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэриим

аат тыл

Нууччалыы круговой обход

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Тугу эмэ аахтара кэрийии, кэрийэн көрүү

Нууччалыы Круговой обход

  • Кэрииммин толорон, Кэтэх сирдэри кэрийэн иһэбин.
    П. Ойуунускай
  • Уочараттаах кэриимин кэрийэн иһэн [баай уола баай ыаллары, "үтүөлэри" кэрийэн дьаарбайар], бэйэтин ыырыгар кэлэн эргим-ургум көрбүтэ.
    Р. Кулаковскай
  • Ыалга сонун көрдөрө ыырын, кэриимин кэҥэппит
    К. Туйаарыскай

2 аат тыл #

бэй. туһ. Эдэр дьону олох эрииригэр-мускууругар эрийэн, араас албастарга уһуйарга мүччүргэннээх, ыарахан сирдэринэн сырытыннарыы

Нууччалыы Проведение мудрецами, шаманами молодых людей по жизненным невзгодам, опасным и дальним краям с целью их закалки

  • Киирэн бу дойду кэнчээри киһитин, ыччат оҕотун мунньан үөһээ-аллараа кэриимэр үөрэтэн эрэр үһү. Мин онно бараммын эмиэ Орто дойду кэриимэр уһуйтаран кэлиэх тустаахпын. ПЭК ОНЛЯ III. Уолларын буоллаҕына -- сүүрбэ сэттэ биис ууһун кэриимэр кэритэн таһаарбыттара. ПЭК ОНЛЯ I. Оччоттон баччаҕа диэри [уол оҕо барахсан] Орто дойду олоҕор оннун булуор диэри киһи-хара буолар кэриимин ситэрэ кини осхордоох-оҥкуллаах Орто Аан Ийэ дойдуну уһаты-туора сыыйбахтыа турдаҕа
    Далан

3 аат тыл #

бэй. туһ. Дьиэтэ-уота суох, ыаллары кэрийэ сылдьар киһи, бырадьаага

Нууччалыы Человек, обходящий соседей, не имеющий постоянного места жительства, бродяга

  • Кэриим киһитэ.
  • [Күлүк:] Мин хантан иһэрим кэриим киһитигэр туох ахсааннаах буолуой?
    А. Софронов
  • Мин ыраах сирдээх киһибин, Кэрии күөх тыа кэриимэбин
    Даадар

4 аат тыл #

Тугу эмэ киһи аайы эргитэн тэҥҥэ түҥэтии, биэрии

Нууччалыы Раздача чего-л. каждому по кругу (напр., добытой рыбы)

  • Муҥха балыгын кэрииминэн үллэрдилэр.
  • Киһи кэриимиттэн матарбатаҕым, киһи кэрииминэн аһаттым. ПЭК СЯЯ. Кэккэлэһэ туран, Кэриим быһыытынан -- Үллэстэн бараммыт, итинтэн ортоҕуна Иккиһин эбиниэххэ.
    Болот Боотур
  • Күөрэгэй дьукаахтарын кэрииминэн күндүлүүрдээх
    Т. Сметанин

5 этии #

Этиилэр

Кэриим аҕабыыта көр аҕабыыт

  • Кэриим аҕабыыта кэлбитигэр нэһилиэктэн биэс-алта харса суохтара сүрэхтэммиттэрэ.
    ХС
  • Кэриим кэмэ көр кэм I Аҕабыыттаах Сөдүөт аҥаардастыы адаҕыйаннар, кинилэр кэриим кэмэ кэллэҕинэ, сыарҕа уйбатынан, көлө тардыбатынан таһаҕастанан киирэллэр.
    П. Филиппов

Кэриим тыал көр тыал

  • Мас хаара сабыта түһэн, кэриим тыал илбийтэлээн, хайыһар суола сүтэ-сүтэ көстөн кэлэр.
    Амма Аччыгыйа

Кэриим эһэтэ көр эһэ

  • Иллээх-эйэлээх ини-биилэр иннилэрин биэрбэттэр, кинилэртэн оннооҕор кэриим эһэтэ хорҕойор. Айталын

«К» буукуба