Перевод с якутского
тыал
аат тыл
Нууччалыы ветер.
English wind
1 аат тыл #
Айылҕаҕа салгын сүүрээнэ, хамсааһына
Нууччалыы Ветер. Күн анныгар күлүгэ да көстүбэккэ күүһүргүүр баар үһү (тааб.: тыал). Тыалбыт тохтообото, сарсыарда турбуппут ордук бэргээбиккэ дылы буолбут. А. Софронов. [Мэник Мэнигийээн] баран истэҕинэ эмискэ сүрдээх тыал түһэр. Суорун Омоллоон. Сибиэһэй тыал сирилээн кэлэн, хатыҥнар сэбирдэхтэрин сиккирэтэр. М. Доҕордуурап
2 этии #
Нууччалыы соотв. бросать на ветер
Этиилэр
Тыалга (быраҕар) ыһар
тугу эмэ (хол., харчыны) туох да туһата суох, мээнэ барыыр Үбүн-аһын тыалга бырахпыт. Бичтэри күндүлээн, харчыгын тыалга ыһыма. Р. Баҕатаайыскай. Бай да, доҕор! Тутууну аҥаарын да оҥорбокко сылдьан, хайдах оннук элбэҕи [харчыны] тыалга ыстыбыт? С. Никифоров. Тыал киллэрбэт кэпс. – ханнык да көрдөһүүнү ылыммат, истэ да барбат.
Быть глухим ко всяким просьбам (букв. не пропускает ветер).
Көрдөһөн көрдүм да, тойонум тыал киллэрбэтэ.
Тыал курдук истэр
ончу болҕойбот, кыһаллыбат, кулгааҕын таһынан аһарар.
соотв. пропускать мимо ушей.
[Охоноон] үгэһинэн тыал тыаһын курдук истэн кэбиһиэн баҕарда да, бу сырыыга ол соччо кыайтарбата, иһигэр кыйыттан кэллэ.
Н. Лугинов[Маайа Алааппыйа кэлэ сылдьыбытын] силиэстийэһиккэ санатан көрбүтэ да, анарааҥҥыта тыал тыаһын курдук истибитэ быһыылааҕа, соччо болҕойбут көрүҥэ көстүбэтэҕэ. П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
Эн итини тыал тыаһын курдук истимэ, хаайыыга сылдьыы, олоххо табыллыбат буолуу диэн улахан боппуруос. Н. Босиков
Тыал хоту сылдьар
ким тугу эппитинэн сылдьар, бэйэ санаата суох (киһи).
соотв. куда ветер дует.
Тыал хоту сылдьар киһи (өс ном.).
Тылгын тыалга (сиргэ-буорга, сыыска) быраҕар
тугу эмэ оҥоруох буолан эрэннэрэн баран толор.
соотв. бросать слова на ветер.
Тылларын тыалга бырахпат дьон (өс ном.). "Дьээдьэ Вася" эттэ да сокуон. Тылын тыалга бырахпат киһи. ХС Слепнёв хаһан да тылын тыалга бырахпат этэ. "Кыым"
3 этии #
Нууччалыы Ветер к непогоде
Этиилэр
Ардах-хаар тыала
куһаҕан күн-дьыл кэлиэн иннинэ түһэр тыал Ардах-хаар тыала түспүт.
Көмнөҕү түһэрэр тыал
маска, мас лабааларыгар түһэн мустубут хаары түһэрэр күүстээх тыал (олунньу саҥатыгар түһэр).
Ветер, сдувающий снег с деревьев (в начале февраля).
Бу көмнөҕү түһэрэр тыал.
Сата тыал көр сата 2
Өргөннөөх сата тыал таһырдьа Ыһыыра-хаһыыра турбута. Күннүк Уурастыырап Онтон сата тыал сапсыйбыт, Уот курбуу чаҕылҕан дапсыйбыт, Сааллар этиҥ лүҥсүйбүт, Самыыр ыаҕастыы куппут. Болот Боотур
Сиккиэр тыал
биллэр-биллибэт кыра тыал.
Лёгкий ветерок.
Аргыый таптыы имэрийтээ, Аартык сөрүүн сиккиэр тыала, Дьолу эрэ, дьолу түстээ, Күөх лаампа лыҥкыр тыаһа! П. Тобуруокап Маҥнай сиккиэр тыал түстэ, онтон күүһүрэн мастар лабааларын хамсатан эйэҥэлэттэ. Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
Сиккиэр тыал мутукча сыттаах, Сэбирдэх сирилэс тыастаах. Баал Хабырыыс
Силлиэ тыал көр силлиэ
Халыҥ хаар суугунуур, Хатааһын чуҥкунуур, Силлиэ тыал сиксиллэр, Сирэйгэ сипсиллэр.
П. ОйуунускайКүөх нуолур хатыҥҥа силлиэ тыал түспэтэ, Көй элбэх сэбирдэх ол тыалтан күүрбэтэ. Эллэй. Силлиэ тыал ааспыта. Сир-дойду сытыйан, Силбиккэ баттатан турбута. Күннүк Уурастыырап
Сири куурдар тыал
чалбах уутун көтүтэн бадарааны куурдар тыал (ыам ыйын ортото түһэр).
Ветер, сушащий землю.
Сири куурдар тыал түһэн абыраата.
Хаар хараардар тыал
Хаары уулларар тыал (муус устар бүтүүтэ түһэр).
Ветер, сгоняющий снег (в конце апреля).
Хаар хараардар тыал быйыл эрдэлээбит.
Хахсаат тыал
сааскы тымныы тыал.
Холодный весенний ветер.
Халыҥ көмнөх үллүктэрин Хахсаат тыалбыт хастыы ыһан, Хара тыабыт мастара, Хампа күөхтээх хаарыан сайын Хаһан кэлэр диэбиттии, Хамсыы-тыаһыы иэрийдилэр. Күннүк Уурастыырап Хатыҥ тохтор, үрэллэр Сэбирдэҕин кытары Хахсаат тыалга үүрдэрэн Кэпсиир кэриэс тылларын. П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
Ср. тат. давыл, каракалп. дауыл ʽбуряʼ, коми төв, удмурт. төл ʽветерʼ