Перевод с якутского
тыалаа
туохтуур
Нууччалыы отправляться в лес
1 туохтуур #
Тыаҕа, ойуурга бар
Нууччалыы Отправляться в лес
Тыаҕа таҕыс диирбитин биир тылынан тыалаа диэхпитин сөп. Багдарыын Сүлбэ. Онно эйэлээх пааралар Уҥуоргу тыалыыллар дуу, тугуй? Н. Некрасов (тылб.) Тайҕаҕа күндү түүлээҕи бултуу бар. Θ Отправляться в лес, тайгу на промысел, охоту. [Булчут] киһи үс сыллаахха, биир уолчааны доҕор оҥостон, тыалыы барбыттаах. Л. Попов Биирдэ маннык түбэлтэ буолбут: ааттаах сэһэннээх оҕонньору кытта тыалыы сылдьыбыт. Кустук. Онон Иван -- Спиридон Фёдоровтыын аан маҥнай ыраата тыалаабыта Кыым
2 туохтуур #
Куораттан тыа сиригэр таҕыс, дэриэбинэҕэ бар
Нууччалыы Выезжать из города в сельскую местность, уезжать в деревню
Арамаан кэлэр-барар, куораттыыр-тыалыыр. Амма Аччыгыйа Оҕолуу ахтыбыт куораппын кэннибэр хааллардым, -- Киэҥ айан суолунан тыалаатым! М. Тимофеев
3 туохтуур #
түөлбэ. Хайаны дабай, хайаҕа таҕыс
Нууччалыы Подниматься, восходить на гору
Дьэһиэй сахалара: "Тыалаа", – диэтэхтэринэ, ону эн "хайаны дабай, хайаҕа таҕыс" диэтилэр диэн өйдүөхтээххин Багдарыын Сүлбэ