ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тыа

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы лес

English forest; woods; taiga

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Нууччалыы лес

English forest; woods; taiga

  • хара тыа
    лиственничный лесa larch forest

2 аат тыл #

Нууччалыы страна; сельская местность

English country, countryside

  • тыа сирэ
    сельская местностьthe countryside
  • тыа ыаллара
    сельчанеvillagers

3 аат тыл #

Хойуутук үүммүт мастаах сир, ойуур

Нууччалыы Лес. Хонуу киэркэйбит, тыа тырымнаабыт, мутукча тыаһа куугунас, сэбирдэх тыаһа тэлибирэс. П. Ойуунускай. Улам-улам баран истэҕим аайы тыам маһа хойдон, хараҥаран истэ. Н. Неустроев. Оҕо мастар Ойуур тыа буолан, Орой мындаабын Уобуруччулуу курдуу үүнэн Түспүттэр эбит арай. С. Зверев. Ити хойуу күөх тыалар Эркиннэрин иһигэр Эдэр мааны хатыҥнар Эһиэкэйдээн эрэллэр. Баал Хабырыыс. // Күндү түүлээҕи булан бултуур сир, ыраах сис, тайҕа. Лес, тайга – место, где добывают пушнину. Түүлээхситтэр тыаҕа таҕыстылар. "Тыаттан түүлээхтээх улахан атыыһыт киирбит!" – дэстилэр [дьон]. Суорун Омоллоон. "Хомуньууһум" холкуос булчута Дайыыла Дарамаайап тыаттан бэҕэһээ киирбитэ. Софр. Данилов

4 аат тыл #

Куораттан ыраах дьон түөлбэлээн олорор сирдэрэ, дэриэбинэ

Нууччалыы Сельская местность, село, деревня

  • Тыабыт олоҕо Тупсан барда, Холкуоспут үлэтэ Хотуулаах буолла. Саха нар. ыр. III. Куораттан тахса сылдьар хомсомуол тыаҕа хомсомуолу, пионеры ахсааннаахтык көрсөр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Дьоннор мэктиэлээх үлэнэн хааччыллыылара] тыаҕа даҕаны, куоракка даҕаны үлэтэ суох буолууну төрдүттэн эспиттэрэ
    АИА КХО
  • [Кини] дьиэ үлэтин бурҕалдьытын кэппэт, тыа дьахтарыныы.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
  • [Байбал] тыа киһитин быһыытынан, бырастыыласпакка-хайаабакка, саҥата-иҥэтэ суох тахсан барда
    Күндэ

5 даҕааһын #

суолт. Куорат олоҕор-дьаһаҕар, үгэстэригэр үөрүйэҕэ суох, сыста илик, куораттан ыраах

Нууччалыы Сельский, деревенский. [Оҕону] ити тыа эмээхсинэ тыалыы иитэн кэбистэҕинэ сатанымаарай?

6 этии #

Нууччалыы Лес, растущий на южной стороне какой-л. открытой местности (напр., поля)

Этиилэр

Арыы тыа көр арыы I

  • Мин арыы тыам уҥуоргу саҕатыгар таҕыстым.
    Суорун Омоллоон
  • Булчут сыыдам айаныгар Арыт куобах туртас гынар, Арыт саһыл кутуруга Арыы тыаҕа субуллар. Эллэй. Арыы тыа хонноҕор, куобах уоһун курдук, быллаардаах сиргэ сэттэ уонча киһи төбүрүөннээн олороллор.
    М. Доҕордуурап

Куруҥ тыа көр куруҥ 1

  • Ыарҕа маардары, бадарааннары, күөх халлааҥҥа өрө хороһон турар кубалаҥ куруҥах мастардаах куруҥ тыалары аастылар.
    Күндэ
  • Бөлөх тииттэри мүччү түһэрин кытта кини иннигэр киэҥ куруҥ тыа нэлэс гына түстэ.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Урукку ааспыт сахтарга Уот сиэн хараарпыт үрдүк тыам барахсан Үтүө симэҕэ үлтүрүйэн, үөдэн-таһаан буолан, Курулуу кууран Куруҥ тыа буолбута Куппун-сүрбүн долгуттаҕа үһү!
    С. Зверев

Куула тыа

ханнык эмэ ыраас сир (хол.

  • , алаас) соҕуруу өттүнээҕи тыата "Куук" кэҕэ Куула тыаҕа Кукууктаан бүттэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Куула тыаттан, хайаттан Көтөр-сүүрэр бииһэ манна Көбүөхтэс гына мунньуһунна.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
  • Мас-от тиэнэр ала оҕуһун миинэн, сарсыарда хойутуу соҕус куула тыа диэки үөмтэрэн эрэрэ көстөн ааһар.
    В. Яковлев

Кэрии (кэрискэ, кэриэн) тыа көр кэрии

  • Кыараҕас соҕус алаас-сыһыы уҥуоргу өттүнээҕи кэрии тыа хара сарбынньах илбиргэһин быыһынан -- күдээригэс былыт быыһынан сайыҥҥы күн кытара киирэн эрэрэ көстөр.
    Күндэ
  • Сыҕарым киһи аһаан бүтэн барыытыгар күн куула хайа кэрии тыатын чыпчаалыгар сардаҥатын кутта.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Кэрии тыа кэтэҕэр кэҕэ кыыл этэрин Кэрэтик истэммин сүрэхтиин үөрэбин.
    П. Тулааһынап

Ой тыа көр ой II 1

  • Ой тыаҕа дьэдьэним буспута кэрэтин, Тэтэркэй имнэргин дьэдьэҥҥэ тэҥнээтим. Эллэй. Ыркый ойуурдаах баай хара ой тыабын Ытыктыы, таптыы көрөбүн.
    Баал Хабырыыс
  • О, ахтылҕаннаах Аар тайҕам, Эн ой тыаҥ Уоскутар нуурала Отун-маһын лабаатын Уруйдуу уунара – Барыта миэхэ истиҥ Кэрэ, Күндү. Кыраһа к.

Сатыы тыа көр кыҥырай 1

  • Саабан хаары аннынан саптаары, Сатыы тыа саһархай торҕону тардынна.
    С. Васильев
  • Сарсыныгар сандал маҥан күн Сатыы тыа үрүт өттүнэн Сайа күөрэйэн Сандаарыйан тиийэн кэллэ.
    С. Зверев

Сис тыа көр сис 5

  • Халыҥ сис тыаны быһа түһэн ходуһалаах алааска ойутан тахсыбыттарыгар, иннилэригэр уоттар кыламнастылар.
    Н. Лугинов
  • Байкал бүрээттэригэр Убса-Нур күөл кэтэҕинээҕи үрдүк хайалардаах халыҥ сис тыа олоҕо сөп түбэспэтэҕэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Төгүрүччү сис тыа сэлэлээн турар буолан, тоһуур ньыматын үрүҥнэр үгүстүк тутталлара.
    Б. Лунин

Тумул тыа

алааска, сыһыыга чорбоччу үүнэн киирбит тыа.

Лес, мысом выдающийся в открытую местность (напр., поле, равнину).

  • [Ньургун Боотур] тумул тыа быстыбытын саҕа тэбэр Тураҕас ат сылгыны тоҕус томторҕолоох тойон аас сэргэҕэ тумул хайа саҕа туора баайан кэбиспит. Ньургун Боотур. Мотуок солко Мутукчалаах Тумул тыабыт Долгуйбахтаан Нусхал-күөгэл Нуоҕалдьыйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оччотооҕуга бу -- хатыҥ чараҥ, тиит мас булкуһа үүнэр тумул тыата этэ.
    С. Данилов

Тумус тыа

тумул тыа уһук, баранар өттө.

Крайняя часть, окраина леса, мысом выдающегося в открытую местность.

  • Кинилэр суол бэтэрээ өттүнээҕи чараас тумус тыаҕа киирдилэр.
    Н. Заболоцкай
  • Анараа тумус тыаҕа аттары баайталаан уон киһини харабыл хаалларар буоллулар.
    Эрилик Эристиин

Тыа баһа

тыа үөһээ, үрүт уһуга.

Верхушка леса.

  • Түөртүүр ыамҥа сүппүт ынахтарын булан иһэр дьахтар "һайдыыр" саҥата тыа баһынан дуораһыйан ааһар.
    Амма Аччыгыйа
  • Тыал-буурҕа улуйан ытыыра, Тыа баһа куугунуу тыаһыыра.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (3)
  • Тыа баһа, Ньургуһуну суохтаабыттыы, суугунуу айманара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Тыаҕа тарт түөлбэ. – тугу эмэ (үксүгэр оргуйбут күөһү) уот суоһуттан тэйиччи кытыыга, оһох чанчыгар тарт, таһаар. Передвинуть что-л. (обычно закипевший котелок) к краю огня, плиты, костра. Вася балыгын амсайан баран тыаҕа тарта.
    Н. Лугинов
  • Уот бачыгыраччы умайа турар, чаанньык оргуйан, тыаҕа тардыллыбыт.
    И. Никифоров
  • Бүлүү дьоно күөс оргуйдаҕына: "Тыаҕа тарт", – дииллэр. "Тыаҕа тарт" диэн ол аата кытыыга тарт, уот суоһуттан ыраатыннар, тэйит диэн буолар. Багдарыын Сүлбэ.

Тыа саҕата

тыа кытыыта, бүтэр уһуга.

Опушка леса.

Өссө холобурдар (1)
  • [Дьиэ] турар сирэ да тыа саҕата, томтор сир.
    Н. Лугинов

Тыа сирэ көр сир II

  • Остолобуойга күн аайы аҕыс уонча киһи сылдьан аһыыр, ити тыа сиригэр аҕыйаҕа суох.
    П. Степанов
  • [Өлөксөөскө] тыа сиригэр үөскээбит кыыс быһыытыгар-майгытыгар, хас биирдии туттуутугар-хаптыытыгар туох эрэ кэрэ, туох эрэ ордук ыраас-чэбдик уонна саҥа уһуктан эрэр дьикти далааһын баара.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • Өрөспүүбүлүкэ тыатын сирин үлэһиттэрэ сааскы ыһыы бэлэмнэнии үлэтигэр, пиэрмэлэргэ эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ күргүөмнээх тахсыылары оҥоруохтара. "Кыым".

Тыа хаһаайыстыбата

норуот хаһаайыстыбатын биир салаата. (хол., сири оҥоруу, сүөһүнү иитии о. д. а. киирсэллэр).

Сельское хозяйство.

  • [Кыыс] Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн, огурунуом буолан төрөөбүт алааһыгар төннүбүтэ.
    В. Титов
  • Ити үлэ географтарга эрэ буолбатах, ону ааһан тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр, тутуу үлэһиттэригэр итиэннэ дойду килиимэтиичэскэй уратыларын интэриэһиргиир хас биирдии киһиэхэ туһалаах буолуоҕа.
    И. Федосеев

Тыа хаһаайыстыбата

уустук, үгүс салаалаах хаһаайыстыба. ТХЭ. хара тыа фольк. – хойуу, халыҥ, дьон-сэргэ олорор сириттэн ыраах, өлгөм бултаах-алтаах тайҕа.

Густой, глухой, дремучий лес, тайга.

  • Бу хара тыа ортотугар төгүрүк тыымпы күөл кубарыйан, долгулдьуйан көстөр.
    Н. Неустроев
  • Олохтоох дойдум туонатыгар Баай хара тыам Байанайдаах булдуттан Ойдоох бууру охторон Отууланар саҕа Уол оҕоҕо Уйгу баарын билбэтэҕим.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (3)
  • Хара тыа байанайа көлөһүнүн харыстаабакка, күнүстэри-түүннэри сиэлэр киһини күндүлүүр диэн мээнэҕэ эппэттэр.
    С. Никифоров
  • Аан дойдуга аатырбыт алмаастаах дойду үрдүнэн сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн көрдөххө, киһи хараҕа ыларынан баай хара тыалар адаардаах арҕастара күөх тунаҕынан бүрүллэн сыталлар.
    И. Данилов
  • Ср. ДТС таҕ, тюрк. таҕ, тау, ту ʽгораʼ

«Т» буукуба