ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

илдьиркэй

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы изорванный, изодранный, превращенный в лохмотья

1 даҕааһын #

Уһуннук кэтииттэн, туттууттан тырыттыбыт (үксүгэр таҥас туһунан)

Нууччалыы Изорванный, изодранный, превращенный в лохмотья (обычно об одежде)

  • "Сэгэриэм, үүппүт суох дии, бүгүн ынахпыт ыаппата... Уолбут," – диэтэ, илдьиркэй нэк сонун тэллэҕинэн оҕотун суулуу сатыы-сатыы.
    Күндэ
  • Ийэлэрэ Микиитэ илдьиркэй таҥаһын абырахтыы олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Илдьиркэй таҥаһын иһиттэн былларыттыбыт быччыҥнара тииритэ тэбэн тахсыбыттар. Софр
    Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Клочья, куски материи, одежды; лохмотья, тряпье. Онтон өйдөөн көрбүтэ, тииттэр төргүү мутуктарыгар эргэ кыл илим илдьиркэйдэрэ аргыый эйэҥнэһэ тураллар эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьүдьэйэн өлүөх уолу, хата, Сөдүөччүйэ эмээхсин аһынан, көрөн-харайан, эргэ таҥаһыттан, нэк суорҕан илдьиркэйиттэн таҥас тигэн, дьон атаҕастыырыттан көмүскэһэн, уон алтатыгар тиэрдибитэ
    Н. Якутскай

2 аат тыл #

(үксүн тард. ф. -тыгар турар) Туох эмэ (үксүгэр таҥас) тырыттыбыт, быһытталаммыт лоскуйдара, быстаҕастара

Нууччалыы (обычно в притяжат. ф.)

3 даҕааһын #

Улахан алдьархай, иэдээн

Нууччалыы Тяжелое событие, беда, пагуба

  • Дьиэлээхтэр илдьиркэйдэрэ иллэрээ күҥҥэ диэри илбэспит, аймаммыттара бүгүҥҥэ диэри холбоспут.
    Саха фольк
  • Илдьиркэй буолла, түбэстим. ПЭК СЯЯ. Иэдээникпин-куудааныкпын, Иһиликпин-таһылыкпын... Илдьиркэйим да эбит -- Төннөн иһэр диэхтээннэр, Төрдүс сирэй түгэҕэр, Кэтэххэ киллэрэннэр Кэбилээн кэбиспиттэрэ
    П. Ойуунускай
  • Иитэ (иинэ) суох (биллибэт) илдьиркэй, аана суох (аата) суох (биллибэт) алдьархай көр аана суох (биллибэт) алдьархай; иинэ суох илдьиркэй. Мин иитэ суох илдьиркэйгэ бардым, аана суох алдьархайга бардым, балтыбын Айталы Куону көстө көтүттүм
    Саха фольк
Өссө холобурдар (3)
  • Иккиһин тиллэн, Иинэ биллибэт илдьиркэйи, Аана биллибэт алдьархайы Арыйбытынан туруоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Ааттаах Арассыйа эбэ хотунум Аата суох Алдьархай акылааттаммыт, Иитэ суох Илдьиркэй эҥэрдэммит.
    С. Зверев
  • Мин иинэ суох илдьиркэйгэ киирдим, аана суох алдьархайга бардым. Ньургун Боотур

«И» буукуба