ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

олдьот

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы юноша.

1 аат тыл #

Улаатан ситэн эрэр уол

Нууччалыы Юноша. Кэлин олдьот буолууларыгар бултарын сүгэн аҕалаллара. Р. Кулаковскай. Онтон оҕо олдьот буолан иһэн, ааттаах сүүрүктэр, атара сэлииктэр, уу дьоруолар тардыылаах уонна ындыыһыт аттар тустарынан оруннаах эрээри омуннаах кэпсээннэри умсугуйа истэр. Ф. Софронов. Олдьот буолаат, Оҕунан, саанан тииспитим, Туһаҕа киирээт, Томуйах хамыһан тутуспутум. С. Васильев

2 даҕааһын #

суолт. Улаатан, ситэн эрэр (уол оҕо туһунан этэргэ)

Нууччалыы Подрастающий, растущий (о юноше)

  • Онтон олдьот уолаттары көдөйбүт эмис оҕонньор кэлэн таба манатаары ылбыта.
    Далан
  • Ырыа тылын соччо өйдөөбөтөллөр даҕаны, олоҥхо сирин-дойдутун сүдүтүгэр, омунугар-төлөнүгэр абылатан олдьот оҕолор эмиэ чуоҕуспуттар. ЧМА ЭТНББ. Ол курдук улаатан, олдьот оҕо буолуохпар диэри, аһаабакка гына-гына аһаталлара, таҥныбакка гына-гына таҥыннараллара
    Аргыс

«О» буукуба