Перевод с якутского
эдэр
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы не достигший зрелого возраста; ещё не старый, молодой, юный
English young
Ис хоһооно · 8
1 даҕааһын #
Өй-санаа, эт-сиин өттүнэн ситэр, үүнэр-сайдар сааһыгар сылдьар
Нууччалыы Не достигший зрелого возраста; ещё не старый, молодой, юный
Уон кылаас үөрэхтээх, эдэр доруобай киһи ама тиэхиньикэни өйдөөбөт-билбэт, сырыыны кыайан сылдьыбат бэйэлээх буолуо дуо? Софр. Данилов. Эдэр уолаттар харахтара хатанар киһитэ буолбуккун. С. Ефремов Эһиги курдук эдэр, чэгиэн үһүбүн дуо? М. Доҕордуурап "Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан сүбэтин ылһ, – диир саха өһүн хоһооно.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
Алексей эдэригэр наһаа көрдөөх, олус уус тыллаах киһи этэ. Амма Аччыгыйа Кырдьыы аас хаһыҥын кэнниттэн Эдэрбит иккиһин эргийбэт. С. Данилов Эдэр эрдэхпинэ эйигиннээҕэр баҕас көстөр дьүһүммүнэн ордук эбитим ини. Софр Данилов
2 даҕааһын #
Саҥа үүнэн эрэр, саҥа үөскүүр, саҥа баар буолбут (туох эмэ)
Нууччалыы Недавно возникший, созданный, начинающий расти, развиваться, молодой (о чём-л.)
Маҥан туундара хоонньугар Эдэр куорат дирбийэр. С. Данилов Бу Урдаах алаас саамай эдэр ыалын Макаардаах дьиэлэрэ этэ. В. Протодьяконов Уруккута эдэр тыалар билигин баараҕай мастардаах лиҥкир систэр буолбуттар. С. Никифоров
Өссө холобурдар (4)
Сир хамсааһына үксүн эдэр хайалардаах сиргэ буолар. АЛА КК. Эдэр тэтиҥ күөх ньалҕаархай чараас хатырыктаах. АЭ Эдэрдэр ыллаатылар, кырдьаҕастар сорохторо нухарыйа да түһэн ыллылар... Амма Аччыгыйа Эдэрдэр олоҕу билбэккит, наһаа чэпчэкитик, атаахтык үөскээтигит диэн сорох кырдьаҕас дьон хомуруйаллар ээ. И. Гоголев Эдэрдэр күүстэрин холоноллор, атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, ат сүүрдэллэр И. Данилов
3 даҕааһын #
Ыччат дьоҥҥо сөп түбэһэр, ыччат киһи гиэнэ буолар
Нууччалыы Свойственный, присущий молодости
Кини өлбөт үйэлээх тапталын Эдэр сүрэхпинэн таайабын. С. Данилов Кыс хаар орто кинини [сибэккини] Эдэр илии үүннэрбит, Таптал имин, килбиэнин Сэбирдэҕэр иҥэрбит. Эллэй. [Ойуурап:] Төһө да буоллар билигин да мин дууһам эдэр С. Ефремов "Эдэрдэр сөбүлэһэргит билиэ буоллаҕа дииһ, – диэн Настаа эмээхсин сүбэлиир даҕаны, ыйытар даҕаны курдук эттэ.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Ырыа ис киирбэх тыллара эдэрдэргэ анаммыт быһыылааҕа. Ойуку. Кылаабынайа эдэрдэр бэйэлэрэ өйдөһөр буоллуннар Г. Нельбисова
4 аат тыл #
Бары өттүнэн саҥа ситэн-хотон, күүс-уох үрдүгэр сылдьар саас; ол саас кэминээҕи олох кэрчигэ
Нууччалыы Возраст между отрочеством и зрелостью; период жизни в таком возрасте, молодость, юность
5 аат тыл #
э. ахс. хом. суолт. Ыччат дьон, ыччат көлүөнэтэ
Нууччалыы Молодое поколение, молодёжь
6 аат тыл #
э. ахс. тут-лар. Саҥа ыал буолар уоллаах кыыс
Нууччалыы Молодожёны, молодые
7 этии #
Нууччалыы соотв. тряхнуть стариной
Этиилэр
Эдэргин эргит
тугу эмэ гынаргар, оҥороргор эдэр киһилии эрчимнээхтик тутун-хабын, дохсуннук хамсан-имсэн Россия!
Эн миэхэ Ырыаны сипсийэн, Эдэрбин эргиппит эбиккин. С. Данилов Эһэбит эдэрин эргиппит, Эһиэттэн салаасканан түспүт. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (2)
[Оҕонньоттор] эдэрдэрин эргитэллэр, күөгэйэр күннэрин саныыллар. И. Данилов Оҕонньор бэйэм Оҕобор түһэн, Эмэх бэйэм Эдэрим эргиллэн, Ынчык оннугар Ырыа ыллыыбын. И. Чаҕылҕан
Эдэригэр түспүт көр түс I
Балбаара эмээхсин көммүт, өссө эбии эдэригэр түспүт курдук буолбут. Эрилик Эристиин [Василий Петрович:] Эдэрбэр түһэн сылдьабын, үөрэн-көтөн сылдьабын. Амма Аччыгыйа
8 этии #
Этиилэр
Эдэр дьон көр дьон
Биһиги, эдэр дьон быһыытынан, бу айаҥҥа тугу кэпсэппэтэхпит, тугу мөккүспэтэхпит, тугу умнан кэбиспиппит баарын киһи билбэт. Амма Аччыгыйа Эмээхсин кэпсээнин истэн, эдэр дьон ах баран хаалаллар. Н. Якутскай
Эдэр киһи көр киһи
Кыыс сылдьан биир эдэр киһини Сүрэҕим сөбүлээн таптыыра. Күннүк Уурастыырап Кус быһый, ат бөҕө аатырбыт күүстээх Куонаан диэн эдэр киһи күүлэйдии кэлбит. И. Бочкарёв
Эдэр саас
эдэр 2 диэн курдук.
Катяны кытта эдэр саас, дохсун үөрүү, сырдык күн мин хоспор көтөн түстэ. Амма Аччыгыйа Уолаттар, кыргыттар харахтарыгар эдэр саас кистэлэҥнээх уоттара умайаллар.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Ырыаны эдэр саас Аргыһа дииллэр дии: Мин эдэр эбиппин оччоҕо. С. Данилов
Эдэр ыччат көр ыччат
Онно эдэр ыччат биригээдэтэ үлэлиир, оҕолор элбэх буолуохтара. С. Ефремов Эдэр ыччаты аны эрчимнээх үҥкүү муусуката угуйда. Огдо. Ср. монг. идэр, бур. эдир ʽмолодой, юныйʼ