Перевод с якутского
ыччат
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы потомство, поколение
English offspring, generation; youth, young people
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы потомство, поколение
English offspring, generation; youth, young people
эдэр ыччат молодое поколениеthe younger generation ыччаттан ыччакка из поколения в поколениеfrom generation to generation
2 аат тыл #
Эдэр көлүөнэ
Нууччалыы Молодое поколение, молодёжь
Билиҥҥи ыччат үөрэхтэннэ, өй-санаа өттүнэн сайынна. С. Никифоров Эдэр учуутал ыччакка билиини-көрүүнү иҥэрэргэ талаһар эрчимнээх киһи. Дьуон Дьаҥылы. Алина үөрэ-көтө ыччат ортотугар киирэн, күлэн-оонньоон барда И. Попова
3 аат тыл #
Эдэр киһи, эдэр дьон
Нууччалыы Молодой человек, парень, юноша
Константин Иванов бэйэтин улууһугар уһулуччу биллибит ыччат. М. Доҕордуурап Үтүө да ыччат кэлэн, эргиччи абыраан эрэр Айталын Ким эмэ оҕото. Θ Чьё-л. дитя, ребёнок. Төбөлөөх соҕус дьон төрөппүт ыччаттара буолуо эбээт Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Биир-икки саастаах ыччат сылгыларга икки кырдьаҕас аты сыһыаран адьас туспа үөрдээтэ.
Л. ГабышевЭдэр ыччат мастар мутукчалара ситэн, көҕөрө чэлгийэн тураллара. Н. Түгүнүүрэп Бэйэбит көрөн ыччат сылгыларбытын бииртэн биир хааччахха түһэрэн хастарабыт ХС
4 даҕааһын #
суолт., кэпс. Эдэр, кыра саастаах (хол., сүөһүнү, үүнээйини этэргэ)
Нууччалыы Молодой (напр., о скоте, растении)
5 этии #
Нууччалыы Молодые люди в расцвете сил
Төрүт киһи (ыал) төрүөҕэ, ытык киһи (ыал) ыччата (ыамата) көр төрүөх. Мин даҕаны ытык ыал ыччата, удьуор харылы киһи буолабын, тойоком. ПЭК ОНЛЯ I. Бу да оҕо бэрт төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата буолар. Н. Неустроев Мин ытык ыал ыччатабын, эн буоллаҕына эмиэ төрүт ыал төрүөҕэҕин, онон эн биһикки бэйэ-бэйэбитигэр сөптөөхпүт. С. Ефремов
Этиилэр
Кэнчээри ыччат көр кэнчээри
Кэнчээри ыччат кэскилин туһугар Харыстаммат буоларга сүбэлиирэ. С. Данилов Кэнчээри ыччакка үтүөлээх Кэнэҕэс кэрэтик ахтыллыа. П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
Кинигэ кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр, кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар ананар. ДАМ.
Ыччат дьон
эдэр ыччат диэн курдук.
Миигин ыччат дьону иитэргэ үөрэппиттэрэ. Амма Аччыгыйа Эдэр ыччат дьон муста түстэр эрэ, оонньуур-көрүлүүр үгэһэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
[Катя:] Ыччат дьон элбэх, үгүстэрэ уон кылааһы бүтэрбит оҕолор. С. Ефремов
Ыччат сүөһү
субан сүөһү диэн курдук (көр сүөһү).
Ааҕан таһаарыыга борооску уонна тыһаҕас ыччат сүөһү быһыытынан бииргэ учоттанар. ҮБНьТ. Үүтү ыаһыҥҥа, ыччат сүөһүнү, сибиинньэни иитиигэ -- аналлаах тутуу барара былааннанна. "Кыым". Эдэр ыччат кэпс. – эдэр-сэнэх саастарыгар сылдьар, эдэр дьон Эдэр ыччат Элэйбэт-сылайбат. Күннүк Уурастыырап Эгил-тэгил улааппыт Эдэр ыччаттарым. И. Чаҕылҕан
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. аты ‘внук, племянник’, туба. кижи очы ‘младшая’