ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эдэрдии

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы как молодой, энергично, резво (двигаться), как у молодого

1 сыһыат #

Эдэр курдук, эрчимнээхтик, дохсуннук

Нууччалыы Как молодой, энергично, резво (двигаться), как у молодого (напр., сверкать – о глазах)

  • Мин саастаах сүрэҕим эмиэ дьэ Былыргы үөрүүтүн, аһыытын, Былыргы тапталын эргитэн, Эдэрдии эппэйэ хамнаата.
    С. Данилов
  • Оҕонньор -- харахтара эдэрдии тэбэнэттээхтик күлэн бардылар.
    В. Яковлев
  • Кырдьаҕас киһи -- мөдөөнсүйбүт харахтара уоттанан, эдэрдии сүүрэлэҥнээн кээлтэрэ
    В. Яковлев

2 даҕааһын #

суолт. Эдэр киһи киэнин курдук, эдэр киһиэхэ сөп түбэһэр

Нууччалыы Молодой, присущий молодым

  • Биэчэрдэргэ аанньа сылдьыбат, эдэрдии быһыы кэмчи киһитэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Эргиччи үөрүүнү үрдэтэ, Эдэрдии мичээриҥ, мичээрдэр, Иһирэх сүрэҕи эрдитэ, Истиҥник мичийиҥ, мичээрдэр. "ЭКһ. Гаврило Афанасьевич-Ахсым, эдэрдии майгылаах. Н. Некрасов (тылб.)

«Э» буукуба